Ил Дархан Норуоттар национальнай култуураларын күнүнэн эҕэрдэлиир
Ытыктабыллаах Сахабыт сирин олохтоохторо! Саха сирин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Норуоттар национальнай култуураларын күнүнэн — хотугу сир норуоттарын икки ардыларынааҕы сомоҕолоһуу бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бэрэсидьиэн Владимир Владимирович Путин элбэх култууралаах буолуу бу биһиги дойдубут биир саамай сүдү баайа буоларын бэлиэтиир. Держава баһылыга сиэр-майгы сыаннастарын бөҕөргөтүүгэ, көлүөнэлэр утумнаах буолууларын, дойду норуоттарын биир сомоҕо буолууларын бөҕөргөтүүгэ судаарыстыбаннай бэлиитикэни бигэргэппитэ.
Биһиги хотугу дойдубут, тапталлаах Сахабыт сирин сүдү баайа — өрөспүүбүлүкэ үгүс норуота, ураты национальнай култуурата, духуобунаһа уонна төрүт үгэһэ. Бүтүн Арассыыйатааҕы биэрэпис дааннайынан, Сха сиригэр барыта 135 омук бэрэстэбиитэллэрэ олорор.
Норуоттар доҕордоһуулара биһиги Кыайыыбыт төрүөтүнэн буолар. Чаҕылхай туоһутунан Сахабыт сирин норуоттарын анал байыаннай дьайыытын зонатыгар байыастарбыт хорсун быһыылара буолар. Кинилэр дойду көҥүлүн уонна тутулун иһин, Арассыыйа Федерациятын норуоттарын улуу култууратын оннунан хаалларыыга хорсуннук сулууспалыыллар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр аан дойдутааҕы глобализация усулуобуйатыгар култуурунай бэлиитикэтэ киһи идентичноһын уонна национальнай култууратын оннунан хаалларыыга, нация култуурунай куодун бөҕөргөтүүгэ туһуланар.
СӨ Бастакы Бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаевы өйөбүлүнэн тэриллибит «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын Ассамблеята» уопсастыбаннай хамсааһын национальнай култуурунай түмсүүлэри, хаһаахтар уопсастыбаларын, итэҕэл тэрилтэлэрин бары муннуктарынан түмэр. Национальнай култуура норуоттар доҕордоһууларын уонна хардарыта бииргэ үлэлээһиннэрин киининэн дьиҥ чахчытынан Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ буолар. Эрэгийиэн сүрүн национальнай бырайыактарыттан биирдэстэринэн «Сахабыт сирэ – биһиги алаһа дьиэбит» бырайыак 2014 сылтан олоххо киирэр.
Быйыл Норуоттар национальнай култуураларын күнүгэр биһиги национальнай култуураларга «Элбэх национальностаах Сахабыт Сирэ» бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээли тэрийэн ыытыахпыт. Бу иһинэн бастыҥтан бастыҥнар номинацияларынан талыллыахтара: «норуот инструменнарыгар оонньооһун», «национальнай төрүт үгэс», «национальнай үҥкүү», «норуот ырыата», «национальнай көстүүм», «национальнай куухуньа».
Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ Норуоттар национальнай култуураларын күнэ өссө биир бэлиэ түгэни бэлиэтэнэр — «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээли кытта. Бу икки бэлиэ түгэннэр бэйэлэрин икки ардыларыгар култуура үгэстэрин кытта хардарыта сибээстэһэллэр. Сахабыт сирин дьонос-сэргэтэ уонна ыалдьыттара Саха сирин норуоттарын ураты национальнай култуураларын көрүөхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: