Ил Дархан Новоленскэйдээҕи ТЭС тутуутун боппуруостарынан мунньаҕы ыытта
Мииринэй улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев Новоленскэйдээҕи ТЭС тутуутун бырайыагын дьүүллэһэр мунньаҕы ыытта.
— Новоленскэй ТЭС – Уһук Илин эрэгийиэҥҥэ энэргиэтикэ сайдыытыгар сүрүн эбийиэгинэн буолар. Тутуу былырыын саҕаламмыта. Биллэн турар, энэргиэтикэ салаата сайдыытын бөҕөргөтөр бырайыагы былааннаахтык олоххо киллэрии сорук турар, — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Новоленскэйдээҕи ТЭС дойду Хотугулуу-Илиҥҥи сүрүн энергетическэй бырайыактарыттан биирдэстэрэ. Ыстаансыйа үс энергоблоктан турар. Оттуга — гаас. Электроэнергиянан хааччыйыы 2028 сылтан саҕаланыахтаах.
Мунньахха «Интер РАО» ПАО генеральнай дириэктэрэ Сергей Дрегваль, Бырабылыанньа бэрэссэдээтэлэ – «АЛРОСА» АХ генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев, экэниэмикэ миниистирэ Петр Попов кыттыыны ыллылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: