Салгыы
Ил Дархан офтальмология сулууспатын сайдыытыгар соруктары туруорда

Ил Дархан офтальмология сулууспатын сайдыытыгар соруктары туруорда

17.03.2023, 17:28
Андрей Сорокин хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев  Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһатын кылаабынай бырааһын Иван Луцканы кытары көрсөн,  балыыһа үлэтин түмүктэрин уонна соруктарын дьүүллэстилэр.

«Кэнники сылларга Саха сирин офтальмолог-хирурдара  бэйэлэрин кыахтарын уонна үлэлэрин географиятын кэҥэттилэр. Балыыһаҕа эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар элбэх эпэрээссийэни оҥордулар. “КАМаз” массыына баазатыгар  көһө сылдьар комплекс көмөтүнэн лазерынан эмтээһин өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар табыгастаах буолла. Харах быраастара  Арктика улуустарыгар анал мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго боруобалыыр бырайыакка кыттыстылар.  Киин куораттан чугас сытар нэһилиэктэр олохтоохторугар анаан ыытыллар “биир күн эпэрээссийэтин” нэһилиэнньэ олус сөбүлээтэ. Бу үлэ түмүгэ – үчүгэйдик көрөр буолбут дьон махтала”, — диэтэ Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга офтальмолог-хирурдар Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар үлэлэрин бэлиэтээтэ. Иван Луцкан салайааччылаах Саха сирин офтальмолог-быраастарын биригээдэтэ кулун тутар саҥатыгар  Донецкайтан үһүс командировкаларыттан кэлбитэ.

Иван Луцкан иһитиннэрбитинэн, былырыын ылбыт көһө сылдьар комплекстара 7 улууска сылдьан, 1296 киһини көрдө, 146 эпэрээссийэ оҥоһулунна. Кыһыҥҥы суол сабыллыар диэри  Кэбээйи уонна Нам улуустарыгар тиийэр былааннаахтар.

Быраастар  Арктика улуустарыгар тиийэллэр. Быйыл офтальмологтар биригээдэлэрэ айаннарын Анаабыр улууһуттан саҕалаабыттара, Эбээн Бытантай улууһугар, Зырянкаҕа, Орто Халымаҕа, Черскэйгэ уо.д.а. үлэлээтилэр.

Айсен Николаев ситиһиллибитинэн тохтоон хаалбакка,  саҥа технологиялары олоххо киллэрии үлэтин салҕыыр соругу туруорда.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: