Салгыы
Ил Дархан ойуур баһаардарын утары үлэ туһунан кэпсээтэ

Ил Дархан ойуур баһаардарын утары үлэ туһунан кэпсээтэ

Ааптар:
17.07.2024, 13:41
Хаартыска-: ЫБММ пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, от ыйын 17  күнүгэр, «Россия 24» ханаалга ГТРК «Саха»  «Прямой разговор» биэриитигэр таҕыста.

Кэпсэтии ойуур баһаардарын боппуруоһуттан саҕаланна. Бастатан сорох улуустарга олус итии, кураан күннэр турбуттара, маннык күн-дьыл 1971 сыллаахха бэлиэтэнэ сылдьыбыта этилиннэ. Оттон бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар 169  ойуур баһаара баара бэлиэтэнэр. Итинтэн 69  баһаары умуруорууга күүстээх үлэ ыытыллар. Сүүс баһаар уустук суоллаах-иистээх, ыраах сиргэ баар.

—Бэҕэһээ Абый улууһугар ойуур баһаарынан балаһыанньа уустугура сылдьыбыта. Күүстээх тыалтан нэһилиэнньэлээх пуунтан 26 км. сиргэ баар баһаар сэлиэнньэҕэ чугаһаан кутталы үөскэппитэ. Итиннэ эбии күүстэр ыытыллыбыттара. Оттон бүгүҥҥү күҥҥэ Зырянкаттан бөртөлүөтүнэн эбии күүстэр ыытыллаллар. Өлүөхүмэ улууһугар ойуур уотун умуруорууга күүстээх үлэ ыытыллар. Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар дьон-сэргэ түргэнник мобилизацияланан баһаары утары үлэҕэ көмөлөһөллөр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 сентября
  • 5°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 65% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: