Ил Дархан Орто Халымаҕа оскуолаҕа сырытта

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Орто Халыма улууһугар сырыытын кэмигэр Николай Иванович Шарин аатынан орто оскуола хапытаалынай өрөмүөнэ хайдах барбытын, саҥа үөрэх дьылыгар төһө бэлэмнээҕин бэрэбиэркэлээтэ.

Бу туһунан Ил Дархан пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин көҕүлээбит бырагырааматынан Арассыыйа үрдүнэн оскуолалар хапытаалынай өрөмүөннэрэ ыытыллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр эмиэ оскуолалар саҥардыллаллар, ол иһигэр Арктика улуустарыгар. Итинэн биһиги сүрүн соругу быһаарабыт – өрөспүүбүлүкэ ханнык муннугар, Дьокуускайга дуу, Арктикаҕа дуу олороруттан тутулуга суох, оҕолорго хаачыстыбалаах үөрэхтээһин усулуобуйатын тэрийэбит. Аны Арктика оскуолаларыгар интэриниэт үлэтин тупсарыахпыт», — диэтэ Айсен Николаев.

Оскуола өрөмүөнэ уонна саҥа тэрилинэн хааччыллыыта «Модернизация школьных систем образования» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн оҥоһуллар. Үбүлээһин 82 мөл. солк. тахса этэ. Өрөмүөн үлэтэ болдьоҕор бүппүт. Эбийиэк алын өттө, өһүөтэ, муостата, кирилиэһэ, дьиэ иннэ, салгыны эргитэр систиэмэтэ, канализацията, электроэнергиянан хааччыйыы, түннүктэрэ уонна ааннара өрөмүөннэммиттэр.

«Бу дьыл биһиэхэ сайдыы саҥа түһүмэҕинэн, саҥа билиигэ тирэҕинэн, үөрэххэ, успуорка, айымньылаах үлэҕэ ситиһиилээх буолуоҕар эрэнэбит. Биһиги, хотугу улуус даҕаны сөптөөх үлэни ыытан, федеральнай бырагыраамаҕа кыттыан сөбүн дакаастаатыбыт. Арктика атын үөрэҕин тэрилтэлэригэр биһиги суолу арыйбыппытынан киэн туттабын», – диэн оскуола дириэктэрэ Колымана Слепцова эттэ.

Оскуолаҕа барыта 520 оҕо үөрэнэр, 77 киһи үлэлиир, олортон 45-һэ – учуутал. Манна «Точка роста» естесвеннэй-научнай уонна технологическай үөрэхтээһин киинэ тэриллэн үлэлиир.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago