Ил Дархан Приморьеҕа Саха сириттэн быстах байыаннай хомуурга ыҥырыллыбыттары кытары көрүстэ

Share

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Приморье кыраайыгар үлэлиир.

Бүгүн кини онно байыаннай чааска сылдьан биир дойдулаахтарбытын көрүстэ, усулуобуйаларын билистэ. Рота командира Саха сириттэн тиийбит дойдулаахтарбыт түмсүүлээхтэрин, үчүгэй бэлэмнээхтэрин, күүстээх санаалаахтарын бэлиэтээбит. Саха сириттэн өйөбүл, кыһамньы баара, дьиэ кэргэттэригэр болҕомто ууруллара  кинилэргэ тирэх буоларын эппит.

«Манна байыаннай бэлэмнэниини бара сылдьар хорсун-хоодуот дойдулаахтарбытын кытары көрүстүм. Кинилэр ортолоругар бэйэтин баҕатынан кэлбит СӨ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Савва Михайловы көрсөн үөрдүм. Уолаттар кинини ыстаарыстанан талбыттар. 

Көрсүһүүгэ кинилэр дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллар өйөбүллэр тустарынан кэпсэттибит. Биллэн турар, бу олус наадалаах. Төлөбүр, кирэдьиит туһунан ордук элбэхтик ыйыталастылар. Мин туох баар боппуруос барыта быһаарыллыа, биир да дьиэ кэргэн болҕомтото суох хаалыа суоҕа диэн эттим. Дойдулаахтарбыт тапталлаах кэргэннэригэр, күндү ийэлэригэр суруктарын ыыттылар«, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин телеграм-канаалыгар кэпсиир.

Ил Дархан өрөспүүбүлүкэттэн мобилизацияламмыттар уонна бэйэлэрин баҕаларынан барбыттар ортолоругар урут байыаннай дьайыыларга сылдьыбыт дьон баарын бэлиэтиир. Эдэр ыччаттар эмиэ бааллар. «Кинилэри бука барыларын Ийэ дойдуга таптал уонна ис сүрэхтэн бэриниилээх буолуу түмэр, сомоҕолуур«, — диир Айсен Николаев.

Көрсүһүү кэмигэр Айсен Николаев  наадалаах эбии малы-салы, аптечкалары, квадрокоптердары, тепловизордары, о.д.а. биэрдэ. Чугастааҕы кэминэн итиннэ эбии таһаҕас тиийиэ. Маннык көмө атын байыаннай чаастарга баар дойдулаахтарбытыгар эмиэ тиэрдиллиэ.

Хаартыскаларга Андрей Сорокин (СИА) түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

4 часа ago