Салгыы
Ил Дархан РФ айылҕа ресурсаларын уонна экология миниистирин кытта көрүстэ

Ил Дархан РФ айылҕа ресурсаларын уонна экология миниистирин кытта көрүстэ

10.08.2024, 10:17
Хаартыска: www.sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа командировкатын чэрчитинэн РФ айылҕа ресурсаларын уонна экология миниистирэ Александр Козловы кытта көрүстэ.  

Ил Дархан миниистири кытта баһаартан ойууру харыстааһын былааннаах үбүлээһинин уонна Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быйыл ыам  ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыытын түмүгүнэн үбүлээһини улаатыннарыы туһунан ыйааҕын кэпсэттэ. Айсен Николаев көрсүһүү кэмигэр бэлиэтээбитинэн, бэрэсидьиэн быһаарыыта баар буолан, Арассыыйа экологиятын уонна үбүн министиэристибэлэрин күүһүнэн, өрөспүүбүлүкэ ойууру баһаартан харыстааһыҥҥа эбии үбүлээһини ылыаҕа.

Көрсүһүү кэмигэр өссө биир тиэмэни көтөхтө. Ол курдук, халаан уутуттан Саха сирин нэһилиэнньэтин уонна экэниэмикэ эбийиэктэрин харыстааһыны хааччыйар хаххалыыр тутуулары, уларытыылары ырыттылар. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Үөһээ Бүлүүтээҕи даамба тутуута бүтэн эрэр, эһиил Дьааҥыга кэтэһиилээх даамба тутуута саҕаланыаҕа, Нам улууһун Граф Биэрэгэ – Кыһыл Дэриэбинэ сэлиэнньэлэригэр хаххалыыр тутуулары бырайыактааһын үлэтэ көхтөөхтүк барар.

Итини таһынан, көрсүһүү кэмигэр өрөспүүбүлүкэҕэ геология чинчийиилэрин боппуруоһун эмиэ ырыттылар.

“Саха сирэ – геология чинчийиитин сайыннарыыга инники турар эрэгийиэн. Быйыл федеральнай үбүлээһин суотугар сиртэн хостонор кытаанах туһалаах баайы көрдөөһүҥҥэ биэс учаастакка үлэ барар, оттон углеводороднай сырьеҕа – тоҕус. Өрөспүүбүлүкэҕэ геология чинчийиилэрин үлэтин элбэтиигэ былаан  бэлэм, сөбүлэһиллэн турар. Чугастааҕы сылларга сыыйа 113 эбийиэккэ үлэни ыытарга бэлэммит. Барыта үбүлээһин кээмэйиттэн тутулуктаах, быһаарыыны кэтэһэбит” – диэн көрсүһүү түмүгүнэн Александр Козлов эттэ.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.  

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: