Салгыы
Ил Дархан Росавиация салайааччытын кытта көрүстэ

Ил Дархан Росавиация салайааччытын кытта көрүстэ

Ааптар:
10.08.2024, 16:19
Хаартыска sakha.gov.ru ылылынна
Бөлөххө киир:

Саха сирин аэропортарын саҥалыы сөргүтэн оҥоруу уонна аэродромнары хапытаалынай өрөмүөннээһин бырагырааматын иитинэн, атырдьах ыйын 9 күнүгэр буолбут көрсүһүүгэ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев салгын тырааныспарын федеральнай ааҕыныстыбатын салайар Дмитрий Ядровы кытта дьүүллэстэ.

РФ Бэрэсидьиэнин сорудаҕынан, билигин 2030  сылга диэри суоттаммыт «Эффективная транспортная система» национальнай бырайыак бэлэмнэниллэр. СӨ Бырабыыталыстыбата онно тирээн турар суолталаах сэттэ региональнай аэропорду киллэрэр туһунан эттэ: Уус Куйга, Ленскэй, Зырянка, Полярнай (2-с уочарат), Маҕан, Ньурба, Тиксии буолаллар.

Түмүккэ Росавиация баһылыга Зырянка аэропордунан боппуруостарын көрөргө бэлэмин биллэрдэ. Ону сэргэ Ньурба уонна Полярнай аэропортары саҥардан оҥорууну салгыыр туһунан быһаарыы ылылынна.

Санатан эттэххэ, «Комплексный план модернизации и расширения магистральной инфраструктуры» национальнай бырайыак иитинэн Саха сиригэр 14 аэропорду саҥардан оҥоруохтара. Уон эбийиэккэ үлэ түмүктэннэ. 2024  сылга Өлүөхүмэ уонна Уус Ньара аэропортара үлэҕэ киллэриллиэхтэрэ.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3410824  манна ааҕыахха сөп.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 60% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: