Ил Дархан «Росавтодор» салайааччытын кытта көрүстэ
Айсен Николаев РФ федеральнай суол-иис ааҕыныстыбатын салайааччыта Роман Новиковтыын көрүстэ. Кинилэр өрөспүүбүлүкэ тырааныспарга инфраструктуратын сайдыытын туһунан кэпсэттилэр.
Ол курдук, «Халыма», «Бүлүү» федеральнай суоллары хапытаалынай өрөмүөннээһин боппуруостара көрүлүннүлэр. Бу суоллар хапытаалынай өрөмүөннэрэ «Развитие федеральной магистральной сети» бырайыак чэрчитинэн ыытыллар уонна 2030 сылга диэри алта сыллаах былааҥҥа киирбитэ.
Маны тэҥэ, Ил Дархан Бүлүү, Алдан өрүстэргэ муостаны тутуу боппуруостарын көтөхтө. Оччотугар Иркутскай, Магаданскай уобаластары кытта сырыы быыстала суох барыах этэ.
Икки салайааччы Өлүөнэ муостатын тутуу туһунан боппуруоһу эмиэ тумнубатылар.
Быйыл норматив быһыытынан «Бүлүү», «Халыма» федеральнай суолларга 154,2 км усталаах суол оҥоһулунна, ол онтон 102 км аспаал, бетон бүрүөүһүннэннэ.
Ол курдук, Сунтаар уонна Мииринэй оройуоннарыгар «Бүлүү» суолун 1045-тэн 1048-с килэмиэтиргэ уонна 1152-тэн 1170-с килэмиэтиргэ диэри аспааллаатылар. Дьокуускайтан Горнай Ааһыматыгар диэри 204-2014 килэмиэтирдээх суол хапытаалынай өрөмүөннэннэ. Бүлүү улууһугар суол 588-608 килэмиэтирдээх учаастагар Чыбыыда үрэҕи туоруур сиргэ суол оҥоһулунна.
«Халыма» суолга Өймөкөөн улууһугар Уус-Ньара аттынан 24 км оҥоһулунна. Маны тэҥэ, кутталлаах сиргэ 1121-1142 килэмиэтирдээх учаастакка оҥоһулунна. Манна үлэ эһиил бүтүөхтээх.
Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: