Салгыы
Ил Дархан «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» каадыр бырагырааматын кыттыылаахтарын кытары көрүстэ

Ил Дархан «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» каадыр бырагырааматын кыттыылаахтарын кытары көрүстэ

Ааптар:
18.09.2025, 18:01
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн «Саха сирэ — дьоруойдар дойдулара» каадыр бырагырааматын кыттыылаахтарын кытары көрүстэ.

— Биһиги өрөспүүбүлүкэ инникитин, кинилэр хас биирдиилэрэ эрэгийиэн сайдыытыгар кылааттарын киллэриэхтэрин сөбүн туһунан кэпсэттибит. Кыттааччылар бырайыактарын иһиттим. Быыһыыр сулууспаны модернизациялааһынтан саҕалаан таас чоҕу переработкалааһыҥҥа, култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин чөлүгэр түһэриигэ  тиийэ бырайыактарын билиһиннэрдилэр.

Бу дьон олох кытаанах оскуолатын фроҥҥа ааспыттара. Үчүгэй бырайыактар бааллар, олор ситиһиилэнэллэригэр итэҕэйэбин, — диэтэ Ил Дархан ТГ-ханаалыгар.

Бары сонуннар
Салгыы
18 сентября
  • 6°C
  • Ощущается: 4°Влажность: 33% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: