Ил Дархан Айсен Николаев «Тыа сирин кэлимник сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагырааманы уонна национальнай бырайыактары олоххо киллэрии хаамыытын туһунан сүбэ мунньахха министиэристибэлэринэн уонна олохтоох салайыныы уорганнарынан кэккэ сорудахтары биэрдэ.
«Национальнай бырайыактары олоххо киллэрии Саха сирин сайдыытыгар үтүө уларыйыылары киллэрэр. Бүгүн эбийиэктэри үлэҕэ киллэрии болдьоҕун аччатар кутталы туоратарга, эрдэттэн этиллибит соруктары туоратыыга хайдах быһаарыылар ылыллалларын чуолкайдык өйдүөххэ наада», – диэтэ Айсен Николаев.
Сүбэ мунньах кэмигэр бырабыыталыстыба чилиэннэрэ Ил Дархаҥҥа «Доруобуйа харыстабыла», «Экология», «Култуура», «Демография» национальнай бырайыактары олоххо киллэрии туһунан иһитиннэриини билиһиннэрдилэр.
Саха сиригэр быйылгы сылга барыта 13 национальнай бырайыак састаабыгар 45 эрэгийиэннээҕи бырайыак олоххо киирэр. Сүбэ мунньахха бэлиэтэммитинэн, 2024 сыл 2 кыбаарталын түмүгүнэн 70 көрдөрүү (50%) ситиһилиннэ. Ааспыт сылга бу кэмҥэ 37,5% этэ.
Cүүс бырыһыан көрдөрүү ситиһиитэ «Дьоҕус уонна орто урбаан» национальнай бырайыакка бэлиэтэммит, ол чэрчитинэн бэйэ дьарыктаах гражданнар ахсааннарын улаатыннарыы уонна урбаан эйгэтигэр үлэлиир дьон ахсаанын элбэтии былааннанар. Ону сэргэ «Сыыппара экэниэмикэтэ»национальнай бырайыакка соруктар толору толоруллубуттара чуолкайданна.
Соторутааҕыта ыытыллыбыт «Чаҕылхайдык чаҕаарар чаабы-чыыбы чабырҕах» норуот айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээл-куонкуруһа Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 9809 оҕо кэҥэтиллибит неонатальнай скринины ааста. Бу туһунан СӨ Доруобуйа харыстабылын…
Быйыл сааскы халаан түмүгэр дьиэлэрэ-уоттара эмсэҕэлээбит 745 ыалга хоромньуларын төлүүргэ 985 мөлүйүөн солкуобай көрүллүөҕэ, диэн…
Саха сирин ТГ-ханаалларынан Алдан оройуонугар торҕоннообут эһэ булчут үүтээнигэр киирэн эр киһи атаҕын бааһырдыбытын уонна…
Сайсары күөл - «Култуура нэһилиэстибэтэ - Ытык сир» диэн статуһу сүктэ. Киин куорат күөлэ судаарыстыбаттан…
Дьиэ-уот хомунаалынай өҥөтүгэр субсидиянан туһанааччыларга сыһыаннаах ыйытыы. -- Субсидияҕа үгүстүк ханнык биричиинэнэн аккаастыылларый? Ыйытыыга “Субсидия…