Салгыы
Ил Дархан Саха сирин сүүмэрдэммит икки хамаандатын кытта көрүстэ

Ил Дархан Саха сирин сүүмэрдэммит икки хамаандатын кытта көрүстэ

25.06.2024, 14:31
Хаартыска уонна видео -- Елена Потоцкая.
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэ эдэр спортсменнарын бүгүҥҥү сарсыардата Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүттэн саҕаланна.

Аҕа баһылык “Триумф” спортивнай комплекска “Азия оҕолоро” VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууларга кыттар Саха сирин икки сүүмэрдэммит хамаандатын кытта көрүстэ. Хамаанда састаабыгар 23 улуустан 370 эдэр спортсмен  кыттыаҕа.

Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин чиэһин көмүскүүр спортсменнарга үтүө эҕэрдэ тылларын анаата.

Хаартыска — Андрей Сорокин.

— “Азия оҕолоро” оонньуулар суолталаах тэрээһин Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойдуга тиийэ аатырар улахан успуорт күрэхтэһиитэ буола сайынна. Национальнай сүүмэрдэммит хамаандалар бастыҥтан бастыҥнара “Азия оҕолоро” оонньууларыгар кытта кэллилэр. Эһиги азиатскай кэнтиниэнин саамай чулуу спортсменнарын, күүстээх утарылаһааччыларын кытта күөн көрсүөххүт. Онуоха эһиги толору бэлэмнээххит. Эһиэхэ бэрт улахан эппиэтинэс сүктэриллэрин өйдүүбүн уонна эһиэхэ олус эрэнэбин. Бу оонньуулар эдэр спортсменнарга олоххутугар хаһан да умнуллубат чаҕылхай түгэнинэн буолуоҕа. Эһиэхэ ситиһиини уонна кыайыыны-хотууну баҕарабын, — диэн эттэ Айсен Николаев эдэр спорсменнарга анаан.

Бэйэтин үөлээннээхтэрин Дьокуускай куорат 1№-дээх Оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ  Сулустан Копырин «Алгыстаннын Сахам сирэ» ырыанан эҕэрдэлээтэ.

Эдэр спортсменнар Ил Дарханы кытта көрсүһүүлэрин «Саха сирэ иннин диэки!» диэн айхалынан түмүктээтилэр.

Аны икки хонугунан эдэр спортсменнар 24 омук дойдутун уонна Арассыыйа эрэгийиэннэрин чулууттан чулуу утарсыһааччыларын кытта успуорт араас көрүҥнэригэр күрэстэһэн, төрөөбүт дойдуларын  Саха сирин чиэһин көмүскүөхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
31 октября
  • -20°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 84% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: