Ил Дархан СӨ тырааныспарын уонна энергетическэй инфраструктуратын сайыннарыыга туһуламмыт ыйаахха илии баттаата

Ил Дархан СӨ тырааныспарын уонна энергетическэй инфраструктуратын сайыннарыыга туһуламмыт ыйаахха илии баттаата

Ааптар:
29.03.2024, 13:14
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев  «СӨ тырааныспарын уонна энергетическэй инфраструктуратын түргэтитэн сайыннарыы»  уонна  «СӨ туризмы уонна  олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы»  диэн ыйаахтарга  илии баттаата. Бу туһунан кини телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Кини «СӨ тырааныспарын уонна энергетическэй инфраструктуратын түргэтитэн сайыннарыы»  ыйааҕын туһунан: «Өрөспүүбүлүкэ  инники сайдыыта   тырааныспар уонна энергетическэй инфраструктураттан быһаччы тутулуктаах.  Ыйаахха олоҕуран  биэс сыл иһигэр  туһааннаах салааларга  600 млрд солк. инвестицияланыаҕа», — диэтэ.

Ыйаахха 2030 сылга диэри сорук туруоруллубут. Ол иһигэр  авиациянан пассажирдары таһыыны  30%  улаатыннарыы,  уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын  75% саҥардыы, Өлүөнэ бассейныгар уу тырааныспарынан пассажирдары таһыыгы суудуналары элбэтии уо.д.а. соруктар туруоруллубуттар.

2030 сылга диэри 250 км магистральнай уонна 750 км бөһүөлэктэр иһинээҕи гаас ситимнэрин тутуу, саҥардыы  былааннаммыт. Оччотугар  Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Хаҥалас оройуоннарын  гаастааһыҥҥа үлэ ыытыллыахтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -43°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: