Ил Дархан Айсен Николаев «СӨ тырааныспарын уонна энергетическэй инфраструктуратын түргэтитэн сайыннарыы» уонна «СӨ туризмы уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» диэн ыйаахтарга илии баттаата. Бу туһунан кини телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
Кини «СӨ тырааныспарын уонна энергетическэй инфраструктуратын түргэтитэн сайыннарыы» ыйааҕын туһунан: «Өрөспүүбүлүкэ инники сайдыыта тырааныспар уонна энергетическэй инфраструктураттан быһаччы тутулуктаах. Ыйаахха олоҕуран биэс сыл иһигэр туһааннаах салааларга 600 млрд солк. инвестицияланыаҕа», — диэтэ.
Ыйаахха 2030 сылга диэри сорук туруоруллубут. Ол иһигэр авиациянан пассажирдары таһыыны 30% улаатыннарыы, уопсастыбаннай тырааныспар пааркатын 75% саҥардыы, Өлүөнэ бассейныгар уу тырааныспарынан пассажирдары таһыыгы суудуналары элбэтии уо.д.а. соруктар туруоруллубуттар.
2030 сылга диэри 250 км магистральнай уонна 750 км бөһүөлэктэр иһинээҕи гаас ситимнэрин тутуу, саҥардыы былааннаммыт. Оччотугар Өлүөхүмэ, Ленскэй, Алдан, Нерюнгри, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Хаҥалас оройуоннарын гаастааһыҥҥа үлэ ыытыллыахтаах.
Дьокуускайга Покровскайдыыр тыраагы кэҥэтэр үлэ салҕанар. 2025 сылга Өлүөнэ муостатыгар киирэр суоллары оҥоруу саҕаланыаҕа. Бу…
Мииринэйгэ эр киһи элбэх суумалаах харчыны күһэйэн көрдөөн, усулуобунай болдьоххо бириигэбэрдэннэ диэн СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата…
Дьокуускай куорат Д.И.Ягодкин аатынан 19-с нүөмэрдээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ социальнай педагог Саина Стручкованы кытта “19 оскуола”…
Элбэх оҕолоох Устиновтар дьиэ кэргэттэрэ хос эбэлэрин илдьэ, Москваҕа Сойуустар дьиэлэрин Колоннай саалатыгар Госдуума бэрэссэдээтэлэ…
Өлүөхүмэ улууһун борокуратуурата тутуу кэмигэр сэрэхтээх буолуу быраабылата кэһиллибитин түмүгэр киһи өлбүтүн туһунан холуобунай дьыаланы…
Дойду үрдүнэн дьаһалта, социальнай суолталаах эбийиэктэри, ону тэҥэ баан офистарын маассабайдык уоттааһын буолла. Саҥа дьыл…