Салгыы
Ил Дархан Айсен Николаев сөмөлүөтү быыһаабыт Коми олохтооҕун наҕараадалаата

Ил Дархан Айсен Николаев сөмөлүөтү быыһаабыт Коми олохтооҕун наҕараадалаата

28.09.2023, 16:17
Хаартыска: Коми Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Коми Өрөспүүбүлүкэтин олохтооҕо Сергей Сотниковы «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн наҕараадалаата диэн СИА суруйар. Сергей Сотников өҥөтүнэн, 2010 сыллаахха Саха сириттэн көтөн испит сөмөлүөт саахалланан баран, быраҕыллыбыт аэропорка түспүтэ, ким да эмсэҕэлээбэтэҕэ. Бу олоххо буолбут түбэлтэнэн, «Елки» киинэ уһуллубута.

Хаартыска: Коми Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата.

2010 сыл балаҕан ыйыгар Удачнайтан Москваҕа көтөн испит сөмөлүөккэ эмискэ элэктэриичистибэтэ уонна навигационнай систиэмэтэ арахсыбыта. Экипаж Сыктывкарга түһэргэ көрдөспүтэ эрээри, сибээс быстан хаалбыта, уматык да бүтэн эрэрэ. Онон хамандыыр аһаҕас хонууга түһэргэ быһаарыы ылыммыта. Эмискэ лүөччүктэр Ижма бөһүөлэк аттыгар дьоҕус аэропорт балаһата баарын көрө түспүттэрэ.

Бу аэродром 12 сылы быһа үлэлээбэккэ, быраҕыллан турбута, ол эрээри, көтөр-түһэр балаһатын туруга үчүгэй этэ. Бу сыллар тухары балаһаны Ижматааҕы бөртөлүөт былаһааккатын начаалынньыга Сергей Сотников санаата буолбакка, ыраастыыр, көрөр-харайар эбит.

Онон саахалламмыт «Ту-154» сөмөлүөт манна кэлэн түспүтэ, көтөр-түһэр балаһаттан 164 миэтэрэ ойуур диэки тахсыбыт да буоллар, алдьамматаҕа. «Ту» сөмөлүөт түһэригэр балаһа уһуна 2 килэмиэтир буолуохтаах, оттон Ижмаҕа 1,3 килэмиэтир уһуннаах этэ. Ол да буоллар, 72 пассажир уонна экипаж 9  чилиэнэ эмсэҕэлээбэтэхтэрэ.

Ил Дархан аатыттан үрдүк судаарыстыбаннай наҕарааданы Сыктывкарга Владимир Никонов туттарда. Кини Коми Өрөспүүбүлүкэтигэр борокуруор солбуйааччытынан үлэлии сылдьыбыта. Төһө да бириэмэ аастар, наҕараада дьоруойун булла!

+1
15
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: