Ил Дархан Сталинград Дьоруой-куорат мемориальнай билиитэтигэр сибэкки уурда
Бүгүн, олунньу 2 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Кыайыы болуоссатыгар Сталинград кыргыһыытыгар ньиэмэс өстөөх сэриитин үлтүрүтүү 80 сылыгар аналлаах Сталинград Дьоруой-куорат мемориальнай билиитэтигэр сибэкки уурар тэрээһиҥҥэ кытынна.
Айсен Николаев бу бэлиэ күн суолтатын туһунан этэригэр, Сталинградтааҕы кыргыһыы – бу Аҕа дойду Улуу сэриитигэр тосту уларыйыылаах түгэн этэ, биһиги дойдубут, Сэбиэскэй Сойуус хас да ый устата барбыт ыарахан кыргыһыы кэнниттэн бүтэһиктээхтик быһыыны-майгыны тосту уларыппыта.
«Сталинград куоракка биир даҕаны бүтүн дьиэ хаалбатаҕа. Биһиги буойуннарбыт модун санааларынан, хорсун быһыыларынан фашистары тохтоппуттара. Ол кэннэ биһиги сэриилэрбит инники күөҥҥэ киирэннэр, фашист аармыйатын төгүрүйэн баран, үлтү сынньыбыттара. Ити фашизмы утары сэбиэскэй норуот кыайыытын уонна хорсун быһыытын бэлиэтинэн буолбута. Мин эһэм атырдьах ыйыттан сэтинньигэ диэри Сталинград аннынан сэриилэспитэ. Кини кимэн киириигэ уонна куораты көмүскээһиҥҥэ кыттыбыта, улаханнык бааһырбыта. Ол иһин, Сталинградтааҕы кыргыһыыга биһиги норуоппут улуу кыайыытын өйдүү-саныы сылдьарга, атын мөлүйүөнүнэн дьоҥҥо курдук, миэхэ эмиэ тус бырааһынньыгым буолар», – диэтэ Айсен Николаев.
Сталинград Дьоруой-куорат мемориальнай билиитэтигэр сибэккини Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Виктор Губарев, Дьокуускай куорат мэрэ Евгений Григорьев, куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семёнов, СӨ Бырабыыталыстыбатын чилиэннэрэ, тыыл уонна үлэ бэтэрээннэрэ, дьокутааттар, уопсастыбанньыктар, ыччат уонна киин куорат олохтоохторо уурдулар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: