Ил Дархан стратегическай соруктары туруорда
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта быһа эпиир – хаһан баҕарар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кытта дьиҥнээх, тыыннаах кэпсэтии буолар, манна дьон ыйытыы эрэ биэрбэттэр, хайа эрэ хайысхаҕа, салааҕа оҥоһуллубут үлэҕэ сыана биэрэллэр. Бу туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева санаатын үллэһиннэ:
— Оттон биһиги, эмчиттэр, бэйэбит үлэбитин кэтэнэн көрөбүт: мэдиссиинэ көмөтө нэһилиэнньэҕэ төһө тиийимтиэлээҕий, хаачыстыбалааҕый.
Биллэн турар, Ил Дархан “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлии турар түмүгүн үчүгэйинэн сыаналаабытын истэн астынныбыт. Бу бырайыак көмөтүнэн Хонууга, Уус Маайаҕа, Чурапчыга, о.д.а. балыыһа комплекстара тутуллубуттара. Маннык тутуулар бүгүн хас да улууска бара тураллар.
“Бу сылларга Саха сирин хас биирдии олохтооҕо национальнай бырайыактар үтүө сабыдыалларын билбит буолуохтаах дии саныыбын”, — диэбитин кытта киһи хайдах сөбүлэһимиэн сатаммат.
Онкоклиническай киин, сүрүннээн, кини дьүккүөрүнэн тутуллубута, онон киин үлэтигэр туох сыананы биэрэрин истиэхпитин баҕарбыппыт. Ил Дархан санаппытынан, киин үлэҕэ киириэҕиттэн манна оҥоһуллар үрдүк технологическай онкологическай эпэрээссийэлэр 50% үрдээбиттэр, маныаха диэри Саха сиригэр оҥоһуллубат эпэрээссийэ ахсаана 20% элбээбит. Арассыыйа сүрүннүүр онкологтара биһиги кииммитигэр сылдьан баран, эрэгийиэммит онкосулууспата саҥа таһымҥа тахсыбыт диэн эппиттэрин аҕынна, чахчы да өрөспүүбүлүкэ онкологтара бу туһугар элбэҕи оҥороллор.
Ону кытта дьон өттүттэн, чуолаан биһиги мобильнай дуоктардарбыт үлэтигэр, олус үрдүк сыана бэрилиннэ, бу биһиэхэ наһаа наада. Айсен Сергеевич көҕүлээһининэн, бу бырайыак көмөтүнэн ааспыт сылга Арктика нэһилиэнньэтин үс гыммыт биирэ доруобуйатын көрдөрүммүтэ, дуоктардар сүүһүнэн ыарыыны булбуттара, ыарыһахтарга дьиҥнээх эмп-томп анаммыта, итиэннэ салгыы кинилэри кытта үлэлэһэллэр. Онон Арктикаҕа доруобуйа харыстабылынан астыныы 30%-тан 60% -ҥа диэри үрдээбитэ мээнэҕэ буолбатах. Ыраах суола-ииһэ суох сиргэ баар нэһилиэнньэлээх пууннар олохтоохторугар идэтийбит көмө быдан чугаһаан биэрдэ.
Куруутун буоларын курдук, Ил Дархан сытыы ыйытыктарга хоруйдаата, тута тустаах сорудахтары биэртэлээтэ. Бу сырыыга мэдиссиинэҕэ сыһыаннаах 11 ыйытык киирбитин быһааран эрэ биэрбэтибит, быһаччы дьаһаллары ыллыбыт.
Быһа эпиир кэмигэр Ил Дархан доруобуйа харыстабылын киллэрэн туран, араас биэдэмистибэлэр биир сомоҕо быһаарыныыны ылынарбытын ирдиир стратегическай соруктары туруорда. Бу оҕо төрөөһүнүн үрдэтии, аҕам саастаах дьон уһун көхтөөх олохтонуулара, дьэ манна мэдиссиинэ оруола улахан, дьоһуннаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: