Ил Дархан Айсен Николаев “Технологическай баһылааһын: биисинэс, билим уонна судаарыстыба” диэн дьыалабыай пуорумҥа кытынна.
“Дьыалабыай Арассыыйа” Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрээһин уонна “Арассыыйа инновационнай эрэгийиэннэрин Ассоциацията (АИРР) оҥорбут тэрээһиннэригэр биисинэс, билим уонна судаарыстыбаннай сектор бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар диэн иһитиннэрэр Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Ил Дархан этэринэн, биһиги дойдубут технологическай өттүнэн баһылааһына хаһааҥҥытааҕар да наада буолан турар кэмэ. “Хайаан да быһаарыллыахтаах кыһалҕалар, соруктар, туоруохтаах ыарахаттарбыт тустарынан аһаҕастык, чиэһинэйдик кэпсэтэрбит бары кыттааччыларга олус наада. Технологическай баһылааһыны хааччыйыы курдук сүрүн сорукпутун чуолкайдык толорорбутугар пуорум үлэлиир, бу сорук судаарыстыба, биисинэс уонна билим биир санаанан үлэлээтэхтэринэ кыаллар”, — диэн эттэ Айсен Николаев.
Тэрээһиҥҥэ РФ Бэрэсидьиэнин Дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччыта Максим Орешкин, РФ экэнэмиичэскэй сайдыыга миниистирэ Максим Решетников, билим уонна үрдүк үөрэх миниистирэ Валерий Фальков, ону таһынан сүрүн министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр солбуйааччылара кыттыбыт буоланнар, технологическай баһылааһын боппуруостара бары өттүттэн көрүлүннүлэр. “Үлэһит илиини бэлэмнээһин, инновационнай сайдыы, инновационнай бырайыактары өйөөһүн боппуруостарын дьүүллэстилэр, бу сүрүн ыстаапка аһара үрдээн турар кэмигэр олус наада. Биһиги бары санаабытын эттибит, барыбытын истибиттэригэр, өйүүр миэрэлэри ылыналларыгар федеральнай былаас уорганнара туттуохтара диэн эрэнэбин”, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.
Маны таһынан кини пленарнай мунньах кэмигэр байыаннай дьайыыга анаан оҥоһуллубут технологическай оҥоһуктары кэлин олоххо-дьаһахха туттарга этии киирбитин кэпсээтэ. “Дойдубут кыайан эйэлээх олоххо төнүннэхпитинэ, бары оҥоһуулар – киһитэ суох көтөр аппарааттартан саҕалаан араас оҥоһугу барытын дьон олоҕор-дьаһаҕар туһалыырын курдук оҥоруохтара. Бу саамай сөптөөх хардыы. Оттон билигин биһиги Сахабыт сиригэр оҥоһуллубут снегоболотоходтар, уотунан барар матасыыкыллар дьоҕус эбэн биэрии кэнниттэн буойуттар тутталларыгар бэриллэллэр”, — диэн чуолкайдаата Айсен Николаев.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…