Бүгүн, атырдьах ыйын 9 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев “Саха” ГТРК ханаалыгар быһа эпииргэ ыйытыыларга хоруйдаата.
Суол-иис өрөмүөнүн туһунан ыйытыыга кини кэлэр сылга Дьокуускайга 30 км. тахса суол өрөмүөннэниэҕин туһунан эттэ.
«Суол-иис өрөмүөнүгэр былаан улахан. Дьокуускайга уонна куорат тастарыгар отуттан тахса км суол оҥоһуллуо», — диэтэ кини. Маны сэргэ, Айсен Николаев Советскай Аармыйа 50 сыла уулуссаны саҥардан оҥоруу ыытыллыахтааҕын бэлиэтээтэ.
«Эһиил Кальвицаттан Бабушкин уулуссатыгар диэри үлэ былааннанар», — диэтэ кини. Маны сэргэ, Дежнев уулуссатыттан Петровскайга диэри учаастакка хапытаалынай өрөмүөн буолуохтаах. Бу «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулары көрсө. Үлэ тиһиктээхтик салҕанарын Строителей — Якутская учаастакка, Ярославскайтан-Богатырев уулуссатыгар диэри үлэлэр ыытыллаллара былааннанарыттан көрөбүт. Оттон Петровскайтан Сэргэлээх шоссетыгар диэри учаастакка өрөмүөн 2025 сылга былааннаммыт.
«Куттала суох айан суоллара» национальнай бырайыак иитинэн, 2019 сылтан Дьокуускайга 134 км суол ситимэ өрөмүөннэммит. Оттон Саха сиригэр национальнай бырайыак олоххо киллэриллиэҕиттэн, 920 км суол оҥоһуллубут.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…
Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх, Хатас…
Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…
Билигин электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…
Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…
Өрөспүүбүлүкэҕэ 2024 сылга уопсайа 193,76 МВт кыамталаах 14 хочуолунайы үлэҕэ киллэрдилэр диэн ОДьХК уонна энергетика…