Ил Дархан Табаһыт күнүнэн эҕэрдэлээтэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ Табаһыт күнэ аҕыйах сылтан бэттэх саҥа бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күнүнэн Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ табаһыттарын эҕэрдэлээтэ.
— СӨ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан ис сүрэхпиттэн эһигини Табаһыт күнүнэн итиитик- истиҥник эҕэрдэлиибин! Табаһыттар өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар дьоһун кылааттарын киллэрэллэр. Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр 168 тыһыынча таба баара биллэр. Саамай элбэх табалаах улууһунан Усуйаана буолар. Бу улууска 31 тыһыынча табалаахтар. Таба иитиитинэн өрөспүүбүлүкэ 20 улууһа дьарыктанар. Билиҥҥитэ уопсайа таба иитиитинэн дьарыктанар 111 хаһаайыстыба баар. Өрөспүүбүлүкэ табаны иитиигэ улахан болҕомтотун уурар. Үп-харчы көрүллүүтэ улаатта. Бу сылга мин сорудахпынан биир табаҕа субсидия кээмэйэ 5 335 солк. диэри улаатта. Хаһаайыстыбаларга базалар тутуллаллар, вездеходтар, снегоходтар атыылаһыллаллар. «Эдэр табаһыт» диэн бырагыраама салгыы үлэлиир, — диэн эҕэрдэ тылыгар эттэ.
.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: