Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Төрүт олохтоох омуктар аан дойдутааҕы күннэринэн эҕэрдэлиибин.
Былыр-былыргыттан элбэх төрүт норуоттар олорор уонна үгэс буолбут култуураларын харыстыыр элбэх омуктаах Сахабыт сиригэр бу ураты бырааһынньык. Өрөспүүбүлүкэ биир тугунан да сыаналаммат баайа – сүүһүнэн сылларга көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр төрүт абыычайдар уонна үгэстэр араастара. Саха сирэ – төрүт норуоттар култуураларын харыстыыр аан дойду кииннэриттэн биирдэстэрэ.
Биһиги Бэрэсидьиэммит Владимир Владимирович Путин бэйэтин этиилэригэр култуура эгэлгэтэ Арассыыйа Федерациятын улахан баайыттан-дуолуттан биирдэстэринэн буоларын хаста да бэлиэтээбитэ. Кини Арассыыйа аҕыйах ахсааннаах норуоттарын тылларын уонна култуураларын харыстааһын уонна сайыннарыы улахан болҕомтоҕо ылыллыахтааҕын уонна судаарыстыба өттүттэн өйөбүллээх буолуохтааҕын бэлиэтиир.
Саха сиригэр судаарыстыба бэлиитикэтин бу хайысхатыгар улахан болҕомто ууруллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит Төрүт сокуонугар аҕыйах ахсааннаах норуоттар туруктаах сайдыыларын хааччыйарга хайысхаламмыт дьаһаллар киирэ сылдьаллар. Бу сыалга-сорукка 20-тэн тахса эрэгийиэннээҕи сокуоннар, ону сэргэ саха Өрөспүүбүлүкэтин Арктикатын сайыннарыыга стратегическай докумуоннар уонна 2035 сылга диэри Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын туруктаах сайыннарыы концепцията ылыллыбыттара.
Биһиги глобализация уонна урбанизация процесстара, сири-уоту бырамыысыланнай өттүнэн баһылааһын аҕыйах ахсааннаах норуоттар олохторун укулаатыгар дьайарын билэбит. Хотугу сир уйан айылҕатын уонна төрүт норуоттар олохторун укулаатын харыстыыр эбээһинэстээхпит. Онуоха сир баайын туһанааччылары кытары хардарыта бииргэ үлэлээһини ыллыктаахтык тэрийиэххэ наада. Биһиги хаһаайыстыба үгэс буолбут салааларыгар дьарыктанар аҕа ууһун общиналара сыл аайы элбии туралларынан киэн туттабыт – билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 305 община үлэлиир.
“Эдэр табаһыт” бырагырааманы олоххо киллэрии салҕанар. Быйыл 14 эдэр табаһыт олорор усулуобуйатын тупсарарыгар 2 мөлүйүөн суумалаах өйөбүлү ылыа. Саха сирин “Арктика оҕолоро” бырайыага федеральнай өйөбүлүнэн олоххо киллэриллэр – сыл аайы Арктика улуустарыттан 5-8 кылаас оҕолоро сынньаланаллар уонна доруобуйаларын чэбдигирдэллэр. Арктика төрүт норуоттарын тылга уонна култуураҕа нэһилиэстибэлэрин сыыппараҕа көһөрүү үлэлэрэ салҕаналлар.
Бэс ыйын 21 күнүгэр, Ыһыах судаарыстыбаннай бырааһынньыгын күнүгэр, быйыл Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар сырыыбын Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын былаһааккаларыттан саҕалаабытым. Кинилэр бэйэлэрин уратыларын, тылларын уонна култуураларын илдьэ сылдьар, олорор сирдэрин-уоттарын харыстааччыларынан буолаллар.
Бу күн Саха сирин төрүт норуоттарын нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа туох кыалларын барытын оҥорор дьоҥҥо махтаныахпын баҕарабын. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр олорор бары норуоттар уратыларын, үгэстэрин харыстаан, өрөспүүбүлүкэбит салгыы сайыннын.
Барыгытыгар эйэни, үтүө санааны, чэгиэн доруобуйаны, уһун олоҕу, этэҥҥэ буолууну уонна сайдыыны баҕарабын.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…