Ил Дархан «Точка будущего» үөрэх комплексын тутуутун көрдө

Share

Ил Дархан Айсен Николаев тутуу хаамыытын билистэ. Тутуу 50 бырыһыан бэлэм. Эбийиэги 2026 с. атырдьах ыйыгар түмүктээн туттарар былааннаахтар.

Бу комплекс Жатайга тутулла турар. Этиллэринэн, 1 040 оҕо хабыллыахтаах. Манна уһуйаан, дьоҕус, улахан оскуола, успуорт уонна култуура комплекса, маны сэргэ оҕолору иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэргэ дьиэ тутуллар. Эбийиэк «Новый дом» инбэлииттэргэ, тулаайахтарга уонна ыарахан туруктаах ыарыһах оҕолорго көмөлөһөр аһымал пуонда өйөбүлүнэн, «Эльгауголь» АХ үбүнэн-харчытынан тутуллар.

«Бу комплекс Дьокуускайга үөрэх эйгэтин уларытыа. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр «Точка будущего» комплекс тутуллан олоххо киириитэ үөрэх эйгэтигэр саҥа стандартар киирэллэригэр тирэх буолуо», — диэн этэр Айсен Николаев.

Комплексы тутууга бүгүҥҥү күҥҥэ 950 киһи үлэлии сылдьар.

«Тутуу 50 % бэлэм. Үлэҕэ кыраапыктан хаалыы суох. Сүрүн үлэлэр 2025 сыл бүтүүтүгэр түмүктэниэхтэрэ», — диэн иһитиннэрэр «Лимакмаращстрой» АУо кылаабынай инженерэ Владимир Бабак.

Бастакы маннык комплекс Иркутскайга 2020 сыллаахха аһыллыбыта. Иккис — Жатайга тутуллар.

Сурулларынан манна, 200  миэстэлээх уһуйаан, 360  алын сүһүөх кылаастар үөрэнэр оскуолалара, 480 оҕо үөрэнэр орто оскуолата, бассейннаах спортивнай блок, успуорт саалата, гимнастиканан дьарыктанар саала, учууталларга уонна оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэттэргэ элбэх кыбартыыралаах дьиэ, 249 миэстэлээх аныгы паркинг, успуорт былаһаакката, тырыбыналаах футболлуур сир баар буолаллар.

Сиһилии https://www.sakha.gov.ru/news/front/view/id/3407887  манна ааҕыҥ.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago