Ил Дархан тугу сэмэлээтэ?
24.09.2024, 20:41
Хаартыска: быһа эпииртэн -- скрин.
Бөлөххө киир:
Быйыл сайын массыыналаах дьон көрсүбүт кыһалҕаларын бары билэбит. Маннык быһыыны өрөспүүбүлүкэ баһылыга «бардаак» диэн ааттаата.
Ол курдук, заправкаларга гаас дэписсиитэ таһаарбыт кыһалҕатын сытыы кириитикэҕэ тарта.
«Билигин дьон судаарыстыба көмөтүнэн гаас уматыкка көһөллөр, ону биһиги аҕытаассыйалыыбыт. Үбү-харчыны экэниэмийэлииргэ, тулалыыр эйгэҕэ үчүгэй. Хомойуох иһин, гаас уматыгы олоххо киллэрээччилэрбит уруккулуу олороллор, — диэн бэрт кытаанахтык эттэ Ил Дархан бүгүҥҥү быһа линиятыгар.
Кини сайыҥҥы кэмҥэ уматык кырыымчыгынан Бырабыыталыстыбаҕа, СӨ Бырамыысыланнаска уонна геологияҕа министиэристибэтигэр, ЯТЭК-кэ , Сахатранснефтегазка үчүгэйдик үлэлииллэригэр соруйбут. Аны сайын маннык хатыламматын курдук өссө төгүл бэлиэтээтэ.
+1
1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: