Ил Дархан: «Улахан уонна бигэ туруктаах дьиэ кэргэттэр — дойдубут уонна өрөспүүбүлүкэбит инникитэ»
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев дьиэ кэргэттэри өйүүргэ анаммыт РФ Судаарыстыбаннай сэбиэтин түмүктүүр мунньаҕар кыттыыны ылла.
«Ааһан эрэр сылга Арассыыйа уопсастыбатыгар дьиэ кэргэн сиэр-майгы өттүнэн таһымын үрдэтиигэ элбэх оҥоһуллубута. Дьиэ кэргэн үтүө үгэстэрин, сыаннастарын үйэтитиигэ, ону сэргэ ийэ, аҕа таһымын үрдэтиигэ, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр үлэни салгыахха наада».
Бу хайысхаҕа «Дьиэ кэргэн», «Ыччат уонна оҕолор», «Уһун, көхтөөх олох» диэн саҥа национальнай бырайыактар хайысхаланнылар.
Оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүр саҥа өйөбүл миэрэлэрин иһитиннэрдэ. Олор истэригэр дьоруой-ийэлэргэ социальнай чэпчэиитэр, төлөбүрдэр, эдэр ийэлэргэ босуобуйа кэммэйин улаатыннарыы, ийэ хапытаала, биэс уонна онтон элбэх оҕолоох дьон биэнсийэлэрин хааччахтааһыны суох гыныы.
Саха сирэ — Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэ ахсаана түргэнник элбиир соҕотох эрэгийиэнэн буолар. Оҕо төрөөһүнүгэр Саха сирэ ТОП-10 ахсааныгар сылдьар, ону таһынан дьиэ кэргэни өйөөһүн өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар инники күөҥҥэ сылдьар.
Кэлэр сылга «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала үһүс эрэ оҕоҕо буолбакка, ол кэнниттэн төрүүр бары оҕолорго көрүллүөҕэ. Кэлэр сыл биир кэмнээх «100 cыл оҕолоро» хапытаал төрдүс уонна ол кэннэ төрүүр оҕолорго 433 тыһ.солкуобайга тэҥнэһиэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: