Бэҕэһээ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьыалаларын салайар управление тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах “Эффективное взаимодействие: Стратегии сотрудничества Управления делами Главы Республики Саха (Якутия) и Правительства Республики Саха (Якутия) с исполнительными органами государственной власти и органами местного самоуправления” сэминээр буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ, салгыы бииргэ үлэлэһии былаанын олохсутар сыаллаах уопут атастастылар, бастыҥ быраактыканы үллэһиннилэр.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба үлэтин хааччыйыыга управление суолтатын бэлиэтээн туран эҕэрдэтин эттэ. Сэминээр “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация бэрэссэдээтэлэ, тыл билимин хандьыдаата, ХИФУ филологияҕа бакылтыатын суруналыыстыкаҕа хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ Олег Сидоров историческай уочаркатыттан саҕаланна. Судаарыстыбаннай боротокуол уонна наҕараада управлениетын, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын бэйэни салайыныыга управлениетын боппуруостарыгар департаменын бэрэстэбиитэллэрэ, управление биэдэмэстибэннэй тэрилтэлэрин салайааччылара дакылаат аахтылар. Ордук презентациятыгар боротокуолу оҥорууга ОМСУ уопутуттан үллэстибит итиэннэ олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын дьыаланы салайааччылара бэйэлэрин үлэлэригэр көрсөр кыһалҕаларын ырыппыт Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Алексей Лобанов дакылаатын сэҥээрдилэр.
Сэминээр түмүгэр истээччилэр управление үлэтинэн ыйытыылары биэрдилэр, бииргэ үлэлэһиини тупсарарга этиилэри киллэрдилэр. Кыттааччылар үлэни биир сүрүннүүр уонна уопсай түмүгү ситиһэр туһугар бу курдук көрсүһүүлэр суолталаахтарын ыйаллар.
Хаачыстыба уонна идэҕэ таһым үрдүк ыстандаартын тутуһан, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьыалаларын салайар управление бары судаарыстыбаннай тутуллар суһал уонна көдьүүстээх үлэлэрин хааччыйар соруктаах. Бу – өрөспүүбүлүкэ хас биирдии киһитин олоҕун усулуобуйата тэриллэригэр уонна сайдарыгар көмөлөһөр.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…