Ил Дархан Айсен Николаев ыам ыйын 31 күнүгэр командировка кэмигэр Уус Маайа улууһун баһылыга Александр Азаровы кытта оробуочай көрсүһүүнү ыытта.
Айсен Николаев Александр Азаров баһылыгынан талыллыаҕыттан муниципальнай дьаһалта үлэтин хаачыстыбата биллэ үрдээбитин бэлиэтээтэ. Кини Уус Маайа улууһугар олохтоохтор тыа сирин тупсарарга ис сүрэхтэриттэн кыһаллан үлэлиллэрэ көстөрүн ыйда.
Көрсүһүү кэмигэр доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин олорор дьиэнэн хааччыйыы, Петропавловскай сэлиэнньэтигэр диэри суолу-ииһи өрөмүөннээһин, бырамыысыланнас сайдыытын, бырамыысыланнас хампаанньаларын кытта бииргэ үлэлээһини кэҥэтии боппуруостарын дьүүллэстилэр. Ону таһынан Айсен Николаев Саха сирин Бырабыыталыстыбатыгар Күпсү сэлиэнньэтигэр саҥа оскуола тутуутун түргэтэтэргэ сорудах бэриллэрин бэлиэтээтэ.
«Биһиги Александр Иосифовичтыын уус-маайалар олохторун тупсарыыга чопчу соруктарга сыһыаннаах боппуруостары дьүүллэстибит. Саха сирин Бырабыыталыстыбатыгар кэлэр сылларга бу тыын суолталаах боппуруостар быһаарыллалларыгар дьаһаллары ылынарга сорудахтанна», — диэн көрсүһүү түмүгүнэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…