Уус Маайаҕа зондировщик-сөмөлүөттэр үлэлэрэ салҕанар
Ил Дархан Айсен Николаев Уус Маайа улууһуттан өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал быһыыны-майгыны бохсууга уонна баһаартан куттала суох буолуутун хамыыһыйатын мунньаҕын быһа холбонуу ньыматынан ыытта.
Ил Дархан этэринэн ойуур баһаарын утары киирсиигэ саамай күчүмэҕэй балаһыанньа Уус Маайа улууһугар үөскээбит: “Өскөтүн уокка ылларбыт сир иэнинэн аахтахха, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн турбут баһаардар 70% бу улууска бэлиэтэнэллэр. Уоту умуруоруу үлэтин тиһиктээхтик ыытыах тустаахпыт”.
Уус Маайаҕа атырдьах ыйын 3 күнүн саҕаланыыта, 28 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Уот уопсай сабардаабыт иэнэ 122 тыһ.га кэриҥэ. Баһаар үксэ киһи тиийбэт, ыраах сытар сирдэригэр баар, онон нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суох. Ол эрээри, оннук баһаардарга авиация эрэ көмөтүнэн дьайыахха сөп, атын тырааныспар тиийэр кыаҕа суох.
Баһаары утары уопсайа 646 киһи үлэлии сылдьар.
Айсен Николаев Уус Маайаҕа зондировщик-сөмөлүөттэр үлэлэрин тохтоппотторугар соруйда. Санатан эттэххэ, ардах түһэрэр зондировщик-сөмөлүөттэр Уус Маайаҕа атырдьах ыйын 1-2 күннэригэр үлэлээбиттэрэ. Үлэ түмүгэр улуус үгүс оройуоннарыгар ардах түспүтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: