Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ култуура уонна ускуустуба дыбарыаһа тутуллуохтаах сирин көрдө

Share

Үөһээ Бүлүүгэ Ил Дархаҥҥа креативнай кластер бырайыагын билиһиннэрдилэр.

Үөһээ Бүлүүгэ Ил Дархан култуура уонна ускуустуба дыбарыаһа тутуллуохтаах сирин көрдө. Эбийиэк САССР 50 сыла уулуссаҕа тутуллар. Сирин иэнэ 10 тыһ. кв.м тахса буолар.

Аттыгар Олоҥхо дьиэтэ уонна тупсарыллан оҥоһуллар Исидор Барахов искибиэрэ бааллар. Манна барытыгар табыгастаах эйгэ тэриллиэ. Искибиэр Уһук Илин субъектар ортолоругар куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии бырайыактарыгар Арассыыйатааҕы куонкуруска кыайыыны ситиһэннэр оҥоһуллар. Манна аллея, фонтан, оҕо былаһаакката, Исидор Барахов пааматынньыга болҕомтону тардыахтара. Ил Дархан Айсен Николаев искибиэри тупсаран оҥорууну күһүн болдьоммут кэмигэр бүтэрэргэ соруйда.

2024  сыл бүтүүтүгэр — 2025  сыл иккис кыбартаалыгар култуура уонна ускуустуба дыбарыаһын бырайыагын оҥоруохтара. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, 400 миэстэлээх култуура уонна ускуустуба дыбарыаһа дьон-сэргэ айар дьоҕурун сайыннарарыгар көдьүүстээх креативнай кластерынан буолуоҕа, олохтоохтор үөрэ-көтө мустуохтара.

Манна култуура департамена, ЗАГС, норуот айымньытын киинэ, устуоруйа уонна этнография түмэлэ, тэрээһиннэри ыытар саала, «Киновер» киинэ тыйаатыра, креативнай кластер, технопаарка киирэллэр.

Ил Дархан култуура уонна ускуустуба дыбарыаһын үлэтин улуустааҕы култуура тэрилтэлэрин, Олоҥхо дьиэтин  кытары дьүөрэлииргэ, ситимнииргэ сорук туруорда.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаларга Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев губернатордар национальнай эриэйтиннэригэр 4-с миэстэҕэ турар

“Национальнай эриэйтин” бырайыак иитинэн “Рейтинг” информационнай коммуникациялар кииннэрэ дойду субъектарын баһылыктарын үлэлэрин сыаналааһыҥҥа аналлаах 2024…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Тааттаҕа Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнэллэр

Үүнэр 2025 сылга Саха сирин XXII Спартакиадата Таатта улууһугар ыытыллаары турар. Манна даҕатан эттэххэ, Манчаары…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Элгээйигэ быраас амбулаторията национальнай бырайыагынан тутулунна

"Доруобуйа харыстабылын бастакы звеноларын модернизациялааһын" тосхолунан Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр саҥа врачебнай амбулатория үлэҕэ киирдэ.…

44 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Юрий Трутнев саҥа территориялары чөлүгэр түһэриигэ Саха сирин кылаатын бэлиэтээтэ

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы-РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев “Арассыыйа-24” ханаалга интервью…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Як оҕото Марта Саҥа дьылынан эҕэрдэлиир

Мииринэй оройуонугар баар "Живые алмазы" айылҕа пааркатыгар төрөөбүт, иниспиэктэр Александр Михайловы кус оҕотун курдук батыһа…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

«Саха сирэ» хаһыат бырааһынньыктааҕы нүөмэрэ: билгэһиттэр, Моҕой сылыгар төрөөбүттэр, тохсунньуну анаарыы

“Тохсунньу-олунньу ыйдарга 50 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа. Саас тибиилээх, сайын кураан буолуоҕа, хаар кыра. Ол эрээри,…

2 часа ago