Ил Дархан Үөһээ Бүлүүгэ уоту бохсооччулары кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 5 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ командировкаҕа бара сылдьан, Ил Дархан ойуур баһаара төһө сиргэ буола турарын кэрийдэ уонна уоту бохсооччулары кытта көрүстэ, диэн иһитиннэрэр СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Билигин Үөһээ Бүлүүгэ 113 тыһ. гектартан тахса сиргэ 6 ойуур баһаара умайа турар. Балаһыанньа кытааппытын Ил Дархан сөҥүү түһүүтэ аҕыйаҕынан уонна күүстээх тыал үрэринэн быһаарда. Ойуур баһаардара билиҥҥи туругунан нэһилиэнньэлээх пууннарга суоһаабаттар.
Үөһэнэн кэрийэн көтө сылдьан, Айсен Николаев Бүлүү улууһун быыһыгар баар улахан уоту кытта охсуһа сылдьар дьону көрүстэ. Уот биир кытыыта Тиэрбэс нэһилиэгиттэн 10 км сиргэ баар эрээри, уулаах сир мэһэйдииллэринэн куттал суох. Уоту умуруорууга 100-тэн тахса киһи үлэлиир. Бары уоту кытыылыы сылдьаллар. Чуолаан, Айсен Николаев таарыйан ааспыт сиригэр, 6 парашютиска олохтоох дьон көмөлөһөн, утары уоту ыыта сылдьаллара.
Бу иннинэ аҕай күүстээх тыал күөртээн, уот быыс балаһаны тоҕо көтөн, үрдүк күүрүүлээх уот лииньийэтин сиэбит этэ. Ол түмүгэр Бүлүү улууһун түөрт нэһилиэгэ – Тылгыны, 1 Күүлэт, 2 Күүлэт уонна Үгүлээт уота суох олороллор. Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Быракаантан уонна Өргүөттэн 200 кВт кыамталаах икки дизельнэй генераторы түргэнник аҕалалларыгар итиэннэ кылгас кэм иһигэр ЛЭП чөлүгэр түһэрэллэригэр сорудахтаата.
Айсен Николаев хамыыһыйа мунньаҕар Үөһээ Бүлүүгэ баар күүһү түмэллэригэр дьаһайда, ону тэҥэ Горнай улууһун дьаһалтатыгар Бэрдьигэстээх аттыгар турбут ойуур баһаарыгар баһаарынайдар ахсаанын элбэтэргэ соруйда. Манна Бүлүү умнаһын улуустарыттан уратыта диэн сөҥүү түһэн уоту намыраппыта буолар.
Кэлиҥҥи күннэргэ ардах Өлүөхүмэ улууһугар баар ойуур баһаардарын барыларын кэриэтэ таарыйда, манна 200 тыһ. га сиргэ 20 ойуур баһаара умайа турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: