Салгыы
Ил Дархан Ыйаахтара

Ил Дархан Ыйаахтара

Ааптар:
18.08.2024, 16:00
Бөлөххө киир:

Арассыыйа Федерациятын судаарыстыбаннай наҕараадаларынан наҕараадалыыр туһунан

Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Ыйааҕа

Авиационнай тиэхиньикэни баһылааһыҥҥа итиэннэ үлэлэтии­гэ үтүөлэрин, идэтигэр үрдүк маастарыстыбатын уонна өр сыл­лаах үтүө суобастаах үлэтин иһин бочуоттаах ааты иҥэрэргэ

 “Арассыыйа Федерациятын үтүөлээх пилота”

СЕМЕНОВ Семен Николаевичка, “Полярнай авиалиниялар” авиа­компания” аахсыйалаах уопсастыба көтүүгэ дириэктэрин бастакы солбуйааччыга, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ.

Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидьиэнэ          В.Путин

 Москва, Кириэмил. 2024 сыл атырдьах ыйын 6 к. 669 №-дээх

Экэниэмикэ, үп-харчы уонна инвестиция бэлиитикэтин эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэтин аныыр туһунан

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕа

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын 2015 сыл балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи “Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин балаһыанньаларын бигэргэтэр туһунан” 660 №-дээх Ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн, экэниэмикэ, үп-харчы уонна инвестиция бэлиитикэтин эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэтин анаа­һыҥҥа Хамыыһыйа этиитин көрөн баран, уурабын:

 Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар итиэннэ нэһилиэнньэ уйгута үрдүүрүгэр дьайымтыалаах кылаатын, экэниэмикэ, үп-харчы уонна инвестиция бэлиитикэтин эйгэтигэр профессионализмын уонна үлэҕэ ситиһиилэрин, өр кэмнээх көдьүүстээх судаарыстыбаннай сулууспатын иһин 2024 сылга экэниэмикэ, үп-харчы уонна инвестиция бэлиитикэтин эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин И.Н.Барахов аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэтин аныырга уонна лауреат аатын иҥэрэргэ

ДАНЧИКОВА Галина Иннокентьевнаҕа, Арассыыйа Федера­циятын Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутаатыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Хотугу сулус” уордьанын кавалерыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаа­йыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана            А.Николаев

 Дьокуускай к. 2024 сыл муус устар 25 к. 298 №-дээх

  

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай наҕараадаларынан наҕараадалыыр туһунан

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Ыйааҕа

Тутуу комплексын салаатыгар үтүөлэрин, өрөспүүбүлүкэ социаль­най-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылаатын итиэннэ өр кэмнээх  үтүө суобастаах үлэтин иһин наҕараадалыырга

 Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Грамотатынан

ЧОЧИШВИЛИ  Годердзи  Аскандаровиһы,   “Капиталстрой”  идэ­тийбит тутааччы”  хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба генеральнай дириэктэрин;

“Гражданскай килбиэн” анал бэлиэнэн

БУСЛАЕВ  Юрий  Николаевиһы,  Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тутааччытын, материальнай производство эйгэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ю.Н.Прокопьев аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреа­тын, Арассыыйа Федерациятын үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитин, Ньурба оройуонун бочуот­таах гражданинын.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                       А.Николаев

 Дьокуускай к. 2024 сыл атырдьах ыйын 14 к. 400 №-дээх

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -6°Влажность: 80% Скорость ветра: 5 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: