Ил Дархан Айсен Николаев Кириэмилгэ «Баҕа санаа харыйата» Бүтүн Арассыыйатааҕы аһымал аахсыйаҕа кытынна. Кини харыйаттан үс саарыгы устан ылла. Бу саарыктарга үс оҕо баҕа санаата суруллубут. Оҕолор Саха сиригэр уонна Донецкай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыгар олороллор.
— Үтүө үгэс курдук, Кириэмилгэ турар «Баҕа санаа харыйатыгар» оҕолор ыра санаалара туолаллар. Мин үс саарыгы ыллым. Бу саарыкка суруйбут оҕолортон иккитэ Сахабыт сиригэр олороллор эбит. Чапчылҕаҥҥа олорор Алла Тымныы оҕонньор бэлисипиэт бэлэхтиирин кэтэһэр. Дьокуускайтан Вероника муусуканан дьарыктанар уонна синтезаторы баҕарар эбит. Кировскай олохтооҕо Ярослав Тымныы оҕонньортон бэлисипиэти көрдөһөр. Быйыл бэлисипиэт — саамай тарҕаммыт баҕа санаа эбит. Тымныы оҕонньорго оҕолор Саҥа дьыллааҕы баҕа санааларын толороругар көмөлөһүөхпүт, — диэн Айсен Николаев эттэ.
«Баҕа санаа харыйата» аһымал санаа бырайыага, ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэр оҕолоругар Саҥа дьыллааҕы алыптаах түгэни бэлэхтиир, оттон улахан дьоҥҥо аптаах киһи оруолугар киирэн, оҕолорго үөрүүнү бэлэхтииллэригэр кыах биэрэр. Ким баҕарар бу аахсыйаҕа кыттыан сөп.
Аахсыйа 2018 сылтан ыытыллар, бу сыллар тухары үтүөнү тарҕатар тыһыынчанан дьону түмтэ, тыһыынчанан оҕо баҕа санаатын толордо.
Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…
Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ. -…
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…