Ил Дархан «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кытынна
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кытынна.
Кини «Берегиня» иитиллээччитин уонна анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолорун баҕа санааларын толордо.
«Саҥа дьыл — наһаа үчүгэй, кэрэ бырааһынньык. Оҕолор бука бары туох эрэ дьикти үчүгэйи күүтэллэр уонна кинилэр бу күүтүүлээх кэрэ бырааһынньыкка бэлэх тутуохтаахтар», — диир Айсен Николаев.
«Үтүө санаа харыйата» номнуо сэттис төгүлүн олус долгутуулаахтык, үөрүүлээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик, ураты болҕомто ууруллан ыытыллар. «Быйылгы сыл уратыта диэн, бэлэҕи коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ, тулаайах оҕолор эрэ буолбакка, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын оҕолоро эмиэ тутуохтара», — диэн быһаарар Ил Дархан.
Ил Дархан А.С.Николаев тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго көмөлөһөр уонна кэлимсэ арыаллыыр, «Берегиня» доруобуйаларыгар хааччахтаах киин 8 кылааһын үөрэнээччитэ Максим Рясикка, итиэннэ анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын икки кырачааныгар бэлэхтэри оҥордо. Ил Дархан Максимҥа квадрокоптер, кырачааннарга куукула уонна көбүөр, оонньуур бэлэхтээтэ.
Айсен Николаев оҕолорго кыһамньы уонна болҕомто куруук ууруллуохтааҕын, Саха сирин олохтоохтора маннык тэриллэр тэрээһиҥҥэ, харыйаҕа көхтөөхтүк кытта туралларыгар баҕарда.
Саха сирин олохтоохторо быйылгы аахсыйаҕа турунан кытталлар. «Үтүө санаа харыйата» өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар туруорулунна.
Дьокуускайга аахсыйаҕа «Бубль Гум» (Кальвица, 14/5, уонна Дзержинскэй, 71), ону таһынан «Хозмаркет» (Чернышевскай уул., 107/1) маҕаһыыннарга тиийэн кыттыахха сөп.
«Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа ким баҕарар кыттыан сөп. Оҕо аата суруллубут аккырыыккатын талаҕыт уонна киниэхэ Саҥа дьыллааҕы бэлэҕи оҥороҕут. Аахсыйаҕа кыттааччы социальнай ситимҥэ кыттыан сөп, хештег — #Елкадобра. Салгыы эстэпиэтэни бэйэтин чугас дьонугар, доҕотторугар ыытан манна кыттарга ыҥырар.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Хаартыскаларга Мария Васильева (СИА) түһэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: