Ил Дархан «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кытынна

Share

Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн, ахсынньы 8 күнүгэр, «Үтүө санаа харыйата» аахсыйаҕа кытынна.

Ил Дархан маннык үтүө санаа аахсыйатыгар ахсыс төгүлүн үөрүүнэн кыттар. Бу ураты харыйаҕа баар аккырыыккаларга доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор уонна коррекционнай оскуола үөрэнээччилэрэ баҕа санааларын суруйаллар.

«Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө оҕолор бэлэх туталлара, күүтүүлээх бырааһынньык аптаах, алыптаах үөрүүтүн билэллэрэ олус наада. Мин бу аахсыйа киэҥник, далааһыннаахтык ыытылларыттан үөрэбин. Өрөспүүбүлүкэбит киин куоратын бары олохтоохторун уонна ыалдьыттарын бу бэртээхэй тэрээһиҥҥэ, аахсыйаҕа кыттаргытыгар ыҥырабын.  Бүгүн мин икки оҕо баҕа санаатын толорор чиэскэ тигистим. Бастакы кылааска үөрэнэр Илинаҕа уонна бэһис кылааска үөрэнэр Славаҕа үлэспит бэлэхтэрин атыыластым. Сөбүлүөхтэрэ диэн эрэнэбин. Саҥа дьыл күүтүүлээх бырааһынньыга кэлэн иһэринэн! «, — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Ил Дархан кыракый кыысчааҥҥа Аленка куукуланы, уолчааҥҥа — оонньуур наборун атыыласпыт.

Быйыл үтүө санаа аахсыйата  сэтинньи 20 күнүттэн ахсынньы 29 күнүгэр диэри ыытыллар. Маннык харыйалар өрөспүүбүлүкэ бары оройуоннарыгар туруоруллубуттара.

Манна кыттыан баҕалаахтар Дьокуускайга Кальвица уулуссатын 14/5 уонна Дзержинскэй уулусса 71  №-гэр  «Бубль Гум» маҕаһыыннарыгар тиийэҕит.

«Үтүө санаа харыйатыгар ким баҕарар кыттар. Харыйаҕа оҕо аата суруллубут аккырыыкканы талан ылаҕыт уонна киниэхэ бэлэх оҥороҕут. Аахсыйаҕа кыттыбыт киһи хаартыскатын социальнай ситимҥэ #Елкадобра2024 туруорар, доҕотторун, чугас дьонун итинэн үтүө санаа аахсыйатыгар кыттарга ыҥырар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Хаартыскаҕа Андрей Сорокин түһэриитэ, СИА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

44 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago