Ил Дархан юристары идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиир
Убаастабыллаах юристар уонна юридическай салаа үлэтин бэтэрээннэрэ!
Эһигини өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Юрист күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Эһиги дьон быраабын уонна көҥүлүн харыстабылын, коррупцияны утары, биир дойдулаахтаргыт интэриэстэрин учуоттуур хаачыстыбалаах сокуоннары бэлэмниир, дьон бырааптарын билэр, правоведческай култуураларын үрдэтэргэ ыытар күннээҕи түбүктээх үлэҕит үгүс сыраны эрэйэр. Эһиги түмүктээх үлэҕитин сыаналыыбыт. Сокуоннаска уонна гуманизмҥа туһуламмыт идиэйэҕэ сулууспалыыр юристар правовой судаарыстыба сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрэллэр, Арассыыйа бастыҥ правоведтарын нэһилиэстибэлэрин хаҥатан, аныгы юридическай науканы уонна быраактыканы байыталлар.
Үбүлүөйдээх Саха АССР 100 сылыгар сыһыаннаан, юристар эрэгийиэн законодательствота сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын бэлиэтиибин. Өрөспүүбүлүкэ сайдыытын бары өрүттэрэ правовой докумуоннары ылыныыны кытта ыкса сибээстээхтэр. Барыга көхтөөх, эппиэттээх салалтаҕа олоҕуран, өрөспүүбүлүкэ юридическай хайысхаҕа инники күөҥҥэ сылдьар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ юристарын сийиэһэ улахан суолталаах тэрээһин ыытыллар буолла. Бүгүҥҥү күҥҥэ юристар сийиэстэрэ өрөспүүбүлүкэ сүрүн тэрээһиннэрин халандаарыгар киирэн, быйыл төрдүс сылын ыытыллар. Бу былаһаакка сонун идиэйэни саҕар, кэккэ быһаарыыны ылынар, дьыалабыай сибээстэри олохтуур. Сыл аайы идэтигэр бэриниилээх үлэһиккэ юриспруденция салаатыгар М.М.Федоров аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ туттарыллар. 2014 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэҕэ босхо юридическай көмө оҥоһуллар. Оҕолорго юридическай көмөнү оҥорууга үтүө үгэс баар. Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Бүтүн Сойуустааҕы юридическай диктаны суруйууга көхтөөхтүк кытталлар.
Пандемия курдук уустук кэми аһарарбытыгар, олох бары эйгэтигэр саҥа сыыппара технологиятын, национальнай бырайыактары олоххо киллэрэрбитигэр, сааҥсыйа усулуобуйатыгар экэниэмикэ туруктаах буолуутугар, мобилизацияҕа ыҥырыллыбыт дьон дьиэ кэргэттэрин кэккэ боппуруостарын быһаарыыга уонна да атын олох араас көстүүлэригэр юристар көмөлөрө уонна өйөбүллэрэ сүҥкэн. Өрөспүүбүлүкэтээҕи юридическай салаа үлэһиттэрэ олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан, правовой судаарыстыба уонна гражданскай уопсастыба сайдыытыгар төһүү күүһүнэн буолаллар.
Саха сирин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн кылааккыт иһин эһиэхэ истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа баһылыга Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: