Ил Дархан Ийэ күнүнэн судаарыстабаннай наҕараадалары туттарда
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Арассыыйаҕа Ийэлэр күннэрин көрсө, Саха сирин элбэх оҕолоох ийэлэригэр судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар.
Ийэлэри чиэстиир бырааһынньыкка кэлбит ыалдьыттары уонна кыттааччылары В.А.Босиков аатынан Муусука Үрдүкү оскуолатын мусукаалынай ансаамбыла бырааһынньыктааҕы нүөмэринэн көрүстэ. Дьокуускайдааҕы кадет оскуолатын иитиллээччилэрэ ийэлэргэ сибэкки дьөрбөтүн туттардылар.
Ил Дархан Айсен Николаев сэтинньи 24 күнүгэр Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн сибээстээн, бүгүн элбэх оҕолоох ийэлэргэ уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит ийэлэргэ судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарда уонна махталын биллэрдэ.
«Ийэ буолуу – улуу чиэс уонна улахан, ыарахан үлэ. Ол иһин ийэҕэ саамай үрдүк таһымнаах көмө оҥоһуллуохтаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр үтүө холобурунан буолар”, — диэтэ Айсен Николаев.
Билигин өрөспүүбүлүкэ кэрэ аҥаардара дойдуну көмүскээччилэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөллөр, байыаннай дьайыыга гуманитарнай көмөнү оҥорууну тэрийэллэр.
Айсен Николаев Ийэҕэ үрдүк махтал бэлиэтин педагогическай үлэ бэтэрээнигэр, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитигэр Феодосия Колесоваҕа (Чурапчы) туттарда. “Дьоруой Ийэ” бэлиэтинэн элбэх оҕолоох ийэлэр: Любовь Иванова (Дьокуускай, 11 оҕолоох), Анастасия Рудых (Анаабыр улууһуна Сааскылаах с. 10 оҕолоох), Чынара Тешебаева (Дьокуускай, 10 оҕолоох) наҕараадаланнылар.
“Ийэҕэ албан аат” II истиэпэннээх уордьанынан Үөһээ Бүлүү улууһун Харыйалаах сэлиэнньэтиттэн 8 оҕолоох Антонина Константинова наҕараадаланна. “Ийэҕэ албан аат” II истиэпэннээх уордьанынан 7 оҕону төрөппүт уонна ииппит Валентина Ераскумова (Сунтаар улууһун Туойдаах с.), Сахая Илюхина (Горнай улууһун Орто Сурт с.), Нина Нестерова (Орто Халыма Березовка с.), Надежда Прудецкая (Горнай улууһун Бэрдьигэстээх с.), Туйаара Федорова (Уус Алдан улууһун Чараҥ с.), Ольга Яковлева (Сунтаар улууһун Сунтаар с.) бэлиэтэннилэр.
Ону таһынан Софья Сидорова аатынан бочуоттаах бэлиэлэри уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Махтал суругун туттардылар.
Бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын Саха сирин дьиэ кэргэттэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ Жанна Валентиновна Грекова, “Ийэҕэ үрдүк махтал” бэлиэнэн наҕараадаламмыт Феодосия Гаврильевна Колесова эттилэр.
Ийэ бырааһынньыгын кыттыылаахтарын СӨ Судаарыстыбаннай филармониятын солиһа Леонид Анциферов “Мамины глаза” ырыатынан эҕэрдэлээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: