«Ил Дарханныын кэпсэтии» биэрии ойуур баһаардарын ырытыынан саҕаланна
Бу чааска «Саха» НКИХ ханаалга уонна «Тэтим» араадьыйаҕа «Ил Дарханныын кэпсэтии» биэрии уочараттаах таһаарыыта буола турар.
Биэриини «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ, Ил Түмэн дьокутаата Олег Марков ыытар. Ил Дархан Айсен Николаев кэпсэтиини быйылгы ойуур баһаарын балаһыанньатыттан саҕалаата.
— Быйылгы сайын ойуур баһаардарыттан сылтаан олус уустуктук ааһан эрэр. Ыам ыйыттан +30 С кыраадыс туран, куйааран барбыта. Онон саас курааннаан, хоту уонна арҕаа улуустарга улахан ойуур баһаардара турбуттара. Өссө киэҥ сиринэн тэнийиэхтэрин, хас да сыл быһа үлэлээбит үлэ уопутун туһанан, быйылгы айылҕа иэдээнин тэрээһиннээхтик көрүстүбүт. Ол курдук, ардаҕы күүһүрдэр үлэни былааннаахтык ыытан, ыам ыйыттан саҕалаабыппыт. Ону тэҥэ эрдэттэн кэпсэтии үлэтэ баран, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөбүлүнэн атын эрэгийиэннэртэн ойуур баһаарын умулларыыга хаһааҥҥытааҕар да элбэх идэтийбит, уопуттаах дьон кэлэн үлэлээтилэр. Ол эбэтэр урукку сылларга олохтоохтору түмэн ойуур баһаарын умулларыыга ыытар эбит буоллахпытына, быйыл ойуур баһаарын умулларааччылар 80-90 %-ра — анал исписэлиистэр, 30 %-ра — олохтоохтор. Онон ойуур баһаарын бохсууга быйыл федеральнай лесоохранаттан уонна атын эрийгиэннэртэн уопсайа 600-чэкэ киһи үлэлээтэ. Ардаҕы аҕалар Бе-200 амфибия сөмөлүөттэр күүскэ үлэлээһиннэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Курааннаан, ойуур баһаара өссө да үгүс улууска тэнийиэҕин, күүстээх сөҥүү түһэн, сорох баһаардар кэмигэр бохсулуннулар. Онон ойуур баһаарын утары эрдэттэн үлэ ыытыыллыбыт үлэ көдьүүстээҕэ көһүннэ. Билигин да ойуур баһаарын утары үлэ салҕанар, — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан Айсен Николаев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: