Ил Дархан Севастопольга алдьархай тахсыбытыгар өлбүттэр дьиэ кэргэннэригэр кутурҕанын биллэрдэ
Ил Дархан Айсен Николаев Севастопольга террористическай атаака түмүгэр, суорума суолламмыттар чугас дьонноругар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕанын биллэрдэ.
«Севастопольга алдьархай буолла. Украина нацистара уочараттаах сидьиҥ быһыыларыттан уонунан ааҕыллар дьон эмсэҕэлээтилэр. Хомойуох иһин, өлбүттэр ортолоругар оҕолор кытта бааллар. Элбэх национальностаах Саха сирин олохтоохторун ааттарыттан өлбүттээхтэр чугас дьонноругар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Эмсэҕэлээбиттэргэ түргэнник өрүттэллэригэр баҕарабын», — диэн Айсен Сергеевич телеграм-ханаалыгар суруйда.
РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, Киев билиҥҥи эрэсииминэн Севастополь куорат инфраструктуратыгар террористическай атаака оҥоһулунна. Украина байыаннайдара АХШ-тан аҕалыллыбыт ATACMS диэн оперативнай-тактическай аракыатаны туһаннылар. Бу аракыаталар кассетнай дэниллэр бойобуой чаастарынан иитиилээхтэр. Эмсэҕэлээбиттэр ортолоругар оҕолор бааллар. Алдьархай тахсыбытынан сибээстээн, бэс ыйын 24 күнэ Севастопольга Траур күнүнэн биллэрилиннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: