«Ил Түмэн» издательскай дьиэ 25 сылын бэлиэтээтэ
Бүгүн, ахсынньы 24 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ «Ил Түмэн» издательскай дьиэ 25 сылыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Быйыл икки тылынан тахсар парламент хаһыата үйэ чиэппэрин туолла.
Өрөспүүбүлүкэ парламенын хаһыатыгар сытыы боппуруостар таарыллаллар, ылыныллыбыт сокуоннары ырыталлар, ааҕааччыларга норуот дьокутааттарын үлэлэрин күн ахсын сырдата тураллар. Хаһыат үбүлүөйэ эрэдээксийэ кэлэктиибигэр, суруналыыстарга, бэтэрээннэригэр үрдүк суолталаах бырааһынньык күнэ буолар.
Билигин парламент суруналыыһа эрэгийиэн парламенын үлэтин сырдатар, федеральнай салааларын кытта бииргэ үлэлэһэр, уустук сокуон барылын ааҕааччыларга быһаарар, ылыныллыбыт сокуоннар тустарынан олоххо киллэрии боппуруостарын судургутук кэпсиир.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ норуот дьокутааттара, СМИ бэрэстэбиитэллэрэ, ыҥырыылаах ыалдьыттарынан бэтэрээннэр, тэрилтэ урукку салайааччылара Константин Федоров, Виталий Алексеев, Елена Иванова, Наталья Попова уонна эрэдээктэри солбуйааччы Туяра Федорова кытыннылар. Тэрээһини парламент вице-спикерэ Александр Подголов салайан ыытта. Кини «Ил Түмэн» хаһыат икки судаарыстыбаннай тылынан нэһилиэнньэҕэ парламент сонуннарын иһитиннэрэр соҕотох таһаарыы буоларын бэлиэтээтэ.
«20-тэн тахса сыл устатыгар парламент хаһыата Саха сиригэр уопсастыба санаатын этинэргэ, туруктаах бэлитиичэскэй уонна социальнай килиимэти тэрийиигэ улахан кылааты киллэрэр. Уонна, биллэн турар, бу сыллар устата «Ил Түмэн» хаһыат саха парламентаризмын летопиһа буолан Ил Түмэн үлэтин сырдатар. Парламент үлэтин сырдатан, хаһыат, дьиҥинэн, Саха сирин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын сайдыытын энциклопедията, бу эйгэҕэ араас бэлитиичэскэй түгэннэри арыйан норуот дьокутааттарын трибунатынан буолар. СМИ-лэр ортолоругар «Ил Түмэн» бэйэтэ ааҕааччылардаах уонна ураты миэстэни ылар», — диэн бэлиэтээтэ Александр Подголов.
«Ил Түмэн» издательскай дьиэ генеральнай дириэктэрэ Мария Христофорова хаһыат сайдыытын устуоруйатын кылгастык кэпсээтэ. Хаһыат бастакы нүөмэрэ 1999 сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр тахсыбытын санатта. Мария Христофорова бэлиэтээбитинэн, «Ил Түмэн» хаһыат өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй олоҕор эрэ буолбакка, социальнай уонна духуобунай хайысхаларын хаһыат балаһаларыгар таһаарар.
«Үблүөйдээх күн ураты өйдөбүнньүк күнүнэн ааҕыллар. Бу кэм устата эрэдээксийэ үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, норуот талбыт дьокутааттара эмиэ улахан үлэ ыыталлар. Бүгүн хаһыат өрөспүүбүлүкэ медиа куйаарыгар бэйэтэ ураты миэстэни ылар. Үгүстэр эрэдээксийэни кытта уһун суолу аастылар уонна хаһыат олоҕор тугунан да сыаналаммат кылааты киллэрдилэр. Биһиги үлэлиибит уонна устуоруйаны оҥоробут», — диэтэ Мария Христофорова.
Арассыыйа юристарын эрэгийиэннээҕи салаатын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александр Ким- Кимэн хаһыат кэлэктиибин эҕэрдэлээтэ уонна өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах бэлиэ күн буоларын үрдүктүк сыаналаата. Итини таһынан эрэдээксийэ үлэһиттэрин уонна бэтэрээннэрин норуот дьокутааттара Александр Подголов, Елена Голомарева, Георгий Балакшин, Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна информационнай технологияларга миниистири солбуйааччы Александр Федотов, «Сахамедиа» хампаанньа генеральнай дириэктэри солбуйааччы Чокуур Гаврильев, «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэри солбуйааччы Ирина Ефимова, «РФ үтүөлээх суруналыыһа» Владимир Степанов, Ил Түмэн бастакы ыҥырыыга дьокутаата, биллиилээх суруналыыс, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, РФ гражданскай сулууспатын 2-с кылаастаах судаарыстыбаннай сүбэһитэ, үлэ бэтэрээнэ Татьяна Элляева, биир идэлээхтэрэ эҕэрдэлээтилэр уонна үлэһиттэргэ, урукку кэмҥэ эрэдээктэринэн үлэлээн ааспыт бэтэрээннэргэ наҕараадалары туттардылар.
Итини таһынан «Ил Түмэн» издательскай дьиэ шеф-эрэдээктэрэ Галина Бочкарева Госдуума дьокутаата Галина Данчиковаттан Махтал суругу тутта, оттон «Ил Түмэн» издательскай дьиэ буҕаалтыра Сахаяна Филиппова «СӨ Бэчээтин туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаланна.
Санаттахха, үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр, 1999 сыллаахха, Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) II ыҥырыытын дьокутааттарын быһаарыыларынан «Ил Түмэн» хаһыат бастакы нүөмэрэ күн сирин көрбүтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: