Ил Түмэн 44-с уочараттаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна

Share

Бүгүн, бэс ыйын 8 күнүгэр, Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) 44-с уочараттаах пленарнай мунньаҕа саҕаланна. Мунньах бэбиэскэтигэр 36 боппуруос киирдэ.

СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев 44-с уочараттаах пленарнай мунньаҕын аста. Бүгүҥҥү мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев, Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара Галина Данчикова, Петр Аммосов, Хабаровскай кыраай уонна Еврейскай автономнай уокурук Судаарыстыбаннай Мунньахтарын бэрэссэдээтэллэрэ Ирина Зикунова уонна Роман Бойко, СӨ кылаабынай федеральнай иниспиэктэрэ Евгений Корнеев, о.д.а ыҥырыылаахтар кытыннылар.

Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев 44-с уочараттаах пленарнай мунньаҕы аһарыгар Арассыыйа Дьоруойа буолбут, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын Александр Колесовы дойду туһугар дьоруойдуу, хорсун быһыытын иһин сахалартан бастакынан маннык улахан «Арассыыйа Дьоруойа» ааты-суолу ылбытынан дьокутааттар куорпустарын аатыттан эҕэрдэ тылларын эттэ, өйдөбүнньүк чороон туттарда.

Салгыы пленарнай мунньах бэбиэскэ быһыытынан барда.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сылга суоппар дастабырыанньатын болдьоҕо уһаан биэрэр

2025 сылга  болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ВИДЕО. Куукула оонньуурдаах харыйа

Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр кэнники сылларга 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна

Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ

Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа дьиэ үлэҕэ киириэҕэ

Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

160-тан тахса быраас уонна биэлсэр үлэнэн хааччылыннылар

Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…

11 часов ago