Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан эҕэрдэтэ
Күндү кэрэ аҥаардар!
Ил Түмэн аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини сааскы маҥнайгы бырааһынньыгынан — Аан дойдутааҕы дьахтар күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Бу күҥҥэ ийэбит сылаас илиитин истиҥник ахтабыт, кэргэммит, кыыс оҕобут, аҕаспыт-балыспыт ураты сыһыанын кэрэхсиибит. Маҥнайгы таптал, дьиэ кэргэни тэринии, оҕолонор дьолун билии курдук олохпут тутаах түгэннэригэр барытыгар эһиги тирэх буолаҕыт.
Үлэбитин-хамнаспытын, дьиэбитин-уоппутун тупсараҕыт, уустук быһыыга-майгыга өйөбүл буолаҕыт, сөптөөх сүбэ-ама биэрэҕит. Билиҥҥи сүүрүүлээх-көтүүлээх олоххо үрдүк сатабыллаах, эппиэтинэстээх үлэһит быһыытынан эһигини сыаналыыбыт.
Сааскы кэрэ бырааһынньыгынан эҕэрдэ буолуохтун! Эһиэхэ кытаанах доруобуйаны, сааскылыы сайаҕас сыһыаны уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну баҕарабын.
Алексей Еремеев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: