Алексей Еремеев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүнэн эҕэрдэлиир
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Быйыл биһиги өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүн Саха сирэ Россия судаарыстыбатын састаабыгар баҕа өттүнэн киирбитэ 390 сылын, бэлиитикэ биллиилээх диэйэтэлэ М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылын уонна Саха АССР – национальнай судаарыстыбаннас бастакы көрүҥэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө бэлиэтиибит.
Саха норуотун чулуу уолаттара Махсыым Омуоһап, Былатыан Ойуунускай, Сэмэн Ардьакыап, Исиидэр Бараахап, Ыстапаан Баһылайап дойду оччотооҕу салалтатын иннигэр саха аптаныамыйатын туһунан боппуруоһу кимиилээхтик туруорсубуттара.
Саха сирэ аптаныамыйаны ылыныыта олохтоох норуоттар олохторугар улахан уларыйыыны аҕалбыта: олох-дьаһах уонна экэниэмикэ эйгэтэ балысханнык сайдыбыта, нэһилиэнньэ олоҕун уйгута үрдээбитэ, култуура уонна духуобунас сайдан киирэн барбыта.
Сэбиэскэй аптаныамыйа Саха сирин олоҕун укулаатын тосту уларыппыта. Өрөспүүбүлүкэ кылгас кэм иһигэр Россия империятын хаалынньаҥ кытыы сириттэн сайдыбыт хайа бырамыысыланнастаах уонна атыыга оҥорон таһаарар табаардаах тыа хаһаайыстыбалаах индустриальнай-аграрнай эрэгийиэҥҥэ кубулуйбута.
Саха сирэ россиятааҕы федерализм төрүт суолталаах тускулларыттан хаһан да аккаастамматаҕа. Өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэ, олох-дьаһах, култуура уонна духуобунас өттүнэн үүнэр-сайдар суолун Россия быстыспат сорҕотун эрэ быһыытынан лоп-бааччы көрбүтэ уонна көрөр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин кэлэр кыайыыларыгар уонна ситиһиилэригэр Саха сирин араас кэмнэргэ салайбыт Михаил Ефимович Николаев, Вячеслав Анатольевич Штыров, Егор Афанасьевич Борисов сүҥкэн оруоллаахтар. Билигин өрөспүүбүлүкэ сайдыыта Айсен Сергеевич Николаев салалтатынан салҕанар. Ол курдук, Саха сиригэр Ил Дархан, Бырабыыталыстыба уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн) ыллыктаах санааҕа киирэн бииргэ холбоһон үлэлээһиннэрэ олохтонно. Бу дьайсыы уопсастыба да, бэлиитикэ да эйгэтигэр бигэ буолууну, ол – инники сайдыыны мэктиэлиир.
Өрөспүүбүлүкэ сокуоннарын, судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныы уорганнарын үлэлэрин, судаарыстыбаннас атын тутаах институттарын тупсарыы үлэтэ, гражданскай уопсастыбаны бөҕөргөтүү уонна сайыннарыы салҕаналлар.
2050 сылга диэри туһаайыллар сыалы-соругу быһааран туран 2032 сылга диэри кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин олоҕун-дьаһаҕын уонна экэниэмикэтин сайыннарыы Стратегиятыгар өрөспүүбүлүкэ 2032 сылга киһи хапытаалынан күрэстэһэр кыахтаах буолуутун өттүнэн аан дойдуга инники күөҥҥэ тахсар соругу туруоруммута. Олох-дьаһах уонна экэниэмикэ инники сайдыыта кэлим хардарыта ситимнээх фактордары олоххо киллэрииттэн тутулуктаах: нэһилиэнньэ дьиҥнээх дохуотун бигэтик үрдэтии, сири-уоту көдьүүстээхтик дьаһайыы, экэниэмикэ күрэстэһэр кыахтаах тирэх салааларын сайыннарыы.
Күндү биир дойдулаахтарым! Өссө төгүл өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни, бары үтүөнү баҕарабын! Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит уонна Ийэ дойдубут – модун Россия өссө күүскэ чэчирии сайдалларын туһугар айыҥ-тутуҥ, туруулаһыҥ!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Судаарыстыбаннай Мунньаҕын
(Ил Түмэнин) Бэрэссэдээтэлэ,
бэлиитикэ наукатын хандьыдаата А.И. ЕРЕМЕЕВ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: