Ил Түмэн: Биэс сыллаах үлэ оҥкула уурулунна

Ил Түмэн: Биэс сыллаах үлэ оҥкула уурулунна

28.09.2023, 10:00
Василий Кононов хаартыската
Бөлөххө киир:

Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн бастакы мунньаҕа сэргэхтик ааста

 Бу нэдиэлэ саҥатыгар, балаҕан ыйын 25-26 күннэригэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэттис ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бастакы пленарнай мунньаҕа буолан ааста. Ил Түмэҥҥэ барыта 70 норуот дьокутаата талыллыбыта, ол иһигэр 35 киһи биир мандааттаах уокуруктартан, 35 киһи баартыйалар испииһэктэринэн киирбитэ.

Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн бастакы мунньаҕар 68 норуот дьокутаата кытынна. Бу биэс сыллаах Ил Түмэн үлэтэ түстэнэр мунньаҕар икки норуот дьокутаата кыттыбата. Бастакы тэрээһин мунньахха барыта 15 боппуруос көрүлүннэ. Сэттис ыҥырыы­лаах Ил Түмэн пленарнай мунньаҕын аһарыгар Ил Дархан Айсен Николаев саҥа талыллыбыт норуот дьокутааттарын эҕэр­дэлээһинтэн саҕалаата.

«Бу уустук кэмҥэ уопсастыба сомоҕолоһон бэйэтин куолаһын биэрэн, итэҕэйэн эһигини быыбардаата. Ханнык даҕаны баартыйаттан турбуккут иһин, эһиги өрөспүүбүлүкэ уонна дойду инники сайдыытын туһугар үлэлиэхтээххит. Бу кэлэр биэс сылга уустук соруктар тураллар. Судаарыстыбаннай Мунньах – бу бэлитиичэскэй систиэмэ сүрүн салаата буолар. Мин Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга буоларым быһыытынан, норуот дьокутааттара өйүөхтэрэ диэн эрэнэбин», – диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Алексей Еремеев – Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ

Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕар Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин дуоһунаһыгар Алексей Еремеев талылынна. Кини ааспыт алтыс ыҥырыыга эмиэ бэрэссэдээтэллээбит улахан уопуттаах. Норуот дьокутааттара Сахамин Афанасьев уонна Игорь Григорьев Алексей Еремеев сөптөөх хандьы­даат буоларын, улахан уопуттааҕын эттилэр, биир идэлээхтэрэ өйүүллэригэр ыҥырдылар. Салгыы Ил Дархан Айсен Николаев хандьыдаат Алексей Еремеев ааспыт ыҥырыыга үлэтин-хамнаһын, парламеҥҥа оҥорбут үлэтин ааттаан, өрөспүүбүлүкэ ситэ­риилээх былааһын кытары ыкса сибээһи олохтообутун этэн туран, кини кандидатуратын өйүүргэ ыҥырда.

Кистэлэҥ куоластааһын түмүгүнэн 68 дьокутаат баарыттан 61 киһи өйүүрүн, 6 утарарын, 1 туттуммутун биллэрдэ.

Бастакы солбуйааччы – Александр Жирков

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччытынан Александр Жирков талылынна. Кини Ил Түмэҥҥэ но­­руот дьокутаатынан сэттис болдьоҕугар талыллан үлэлиир. Александр Жирков Ил Түмэн алтыс ыҥырыытыгар 58 куолаһы ылан, биэс сыл бэ­­рэссэдээтэли бастакы солбу­йааччынан үлэлээбитэ. Онон Александр Николаевич но­­руот дьоку­тааттарын ортолоругар улахан аптарытыаттаах киһи.

Оттон бу сырыыга кистэлэҥ куоластааһын кэнниттэн 68 дьокутаат баарыттан 63 киһи өйүүрүн, 5 утарарын биллэрдэ.

Икки төбө үчүгэй,  үс – өссө ордук

Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн бастакы пленарнай мунньаҕар бэрэссэдээтэли уонна бэрэссэдээтэли бастакы солбуйааччыны талыы кэнниттэн үс солбуйааччыны таллылар. Солбуйааччыларга түөрт хандьыдаат: Юрий Николаев, Александр Подголов, Виктор Губарев, Афанасий Владимиров турда. Бэһис хандьыдаат Василий Николаев кандидатурата хойутаан туруоруллубута, ол да буоллар куоластааһыҥҥа киллэрбиттэрэ эрээри, ааспата.

Бу талыллыбыт дьокутааттартан Юрий Николаев ааспыт алтыс ыҥырыыга сис кэмитиэти салайбыта. Оттон Афанасий Владимиров уонна Александр Подголов урукку кэмнэргэ эмиэ норуот дьокутааттарынан талыллан үлэлии сылдьыбыт дьон. Онон Ил Түмэн ис куукунатын билэллэр диэн бэлиэ­тиэххэ наада.

Куоластааһын түмүгүнэн Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбу­йааччыларынан баһыйар куолаһы ыланнар, Юрий Николаев, Александр Подголов, Афанасий Владимиров талылыннылар.

Сис кэмитиэттэр салайааччылара

Саха Өрөспүүбүлүкэтин сэттис ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) бастакы пленарнай мунньаҕын иккис күнүгэр сис кэмитиэттэр уонна хамыыһыйа салайааччыларын талыыттан саҕаланна. Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ  барыта 16 сис кэмитиэт уонна биир хамыыһыйа тэрилиннэ. Быйыл саҥа кэмитиэт – Байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, патрио­тическай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар сис кэми­тиэт баар буолла.

Ааспыт ыҥырыыга билим, үөрэхтээһин, култуура, сонуну тарҕатар ситимнэр  уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр сис кэмитиэттэрэ быйыл икки аҥы: наука уонна үөрэхтээһин итиэннэ култуура уонна сонуну тарҕатар ситимнэр хайысханан араарылынна. Оттон уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруос­тарынан аны саҥа тэриллибит Байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, патриотическай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэт дьарыктанар буо­луоҕа.

Итини таһынан, Судаарыс­тыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэккэ урут киирэ сылдьыбыт олохтоох бэйэни салайыныы туспа барда. Доруобуйа харыстабылыгар, социальнай көмүс­кэлгэ, үлэҕэ уонна дьарык­таах буолууга сис кэмитиэт икки аҥы арахсан, Доруобуйа харыс­табылын сис кэмитиэтэ уонна Социальнай бэлиитикэ, үлэ уонна дьарыктаах буолуу сис кэмитиэтэ буол­лулар.

Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн сис кэмитиэттэрин бэ­­рэссэдээтэллэринэн маннык норуот дьокутааттарын таллылар:

  1. Судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэккэ – Афанасий Владимиров;
  2. Бүддьүөккэ, үпкэ, түһээн уонна сыана бэлиитикэтигэр, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэми­тиэккэ – Юрий Николаев;
  3. Байыаннай сулууспалаахтар, байыаннай дьа­йыы бэтэрээннэрин, патриотичес­кай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппу­руостарыгар сис кэмитиэккэ – Александр Подголов;
  4. Олохтоох бэйэни сала­йыныы сис кэмитиэтигэр – Владимир Прокопьев;
  5. Экэниэмикэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлии­тикэтин сис кэмитиэтигэр – Павел Петров;
  6. Наука уонна үөрэхтээһин сис кэмитиэтигэр – Антонина Григорьева;
  7. Доруобуйа харыстабылын сис кэмитиэтигэр – Светлана Давыдова;
  8. Социальнай бэлиитикэ, үлэ уонна дьарыктаах буолуу сис кэмитиэтигэр – Алена Атласова;
  9. Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэ сис кэмитиэтигэр – Александр Атласов;
  10. Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэккэ – Андрей Находкин;
  11. Тутууга, дьиэ-уот хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энэргиэтикэҕэ сис кэмитиэккэ – Александр Корякин;
  12. Урбаан уонна туризм сис кэмитиэтигэр – Алексей Корнилов;
  13. Ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна успуорка сис кэмитиэккэ – Георгий Балакшин;
  14. Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах но­­руоттарын боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтигэр – Елена Голомарева;
  15. Култуура уонна сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ сис кэмитиэккэ – Виктор Губарев;
  16. Хонтуруоллуур кэми­тиэккэ – Андрей Николаев;
  17. Мандаат уонна регламент хамыыһыйатыгар – Игорь Григорьев.

Түмүк оннугар

Сис кэмитиэттэр чилиэннэрин талыы уустуктаах буолла. Былдьаһыктаах бүддьүөт сис кэмитиэтэ буолла, норуот дьокутааттара бары онно таластылар. Манна барыта 35 сайабылыанньа киирбит. Норуот дьокутааттара бастакы күннэриттэн киҥир-хаҥыр саҥарсыыга кытары тиийбиттэрин, спикер Алексей Еремеев сэрэтии оҥордо. Онон чилиэннэри талыыны кэлиҥҥигэ көһөрдүлэр.

Ол кэнниттэн норуот дьокутаата Елена Голомарева Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтигэр тоҕо ким да киирбэтин, хоту уокуруктартан талыллыбыт 6 норуот дьокутаата быыбардааччыларын интэриэстэрин бу кэмитиэккэ көмүскээбэккэ, атыҥҥа дураһыйалларый диэн кытаанах тыллары эттэ. Кырдьыга даҕаны оннук ээ, ким интэриэһин көмүскүөхтээхтэрин бэлиэр умнубуттара өйдөммөт. Сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутааттара өссө даҕаны биэс сыл үлэлиэхтэрэ турдаҕа…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: