Халыма-Индигиир уокуругар Ил Түмэн дьокутаата Гаврил Алексеев “Биир ньыгыл Арассыыйа” уопсастыбаннай приемнайыгар быыбардааччыларын кыһалҕаларын кытта билистэ.
Суолталаах тэрээһин туһунан норуот дьокутаатын көмөлөһөөччүтэ Виктория Контоева сырдатта:
— Дьокутааты кытта Халыма-Индигиир уокуругун улуустарыттан сэттэ быыбардааччы көрүстэ. Гаврил Николаевич хас биирдиилэрин кытта сиһилии кэпсэттэ. Муоматтан кэлэ сылдьар Антонина Винокурова «Тэгэлэ эрири, нольтен» оҕо куонкуруһун тэрийээччи быһыытынан сонунун кэпсээтэ, кэккэ санаатын үллэһиннэ. Дьокутаат быыбардааччытын этиилэрин болҕомтоҕо ылла уонна куонкурус кыайыылаахтарыгар бэйэтин бэлэҕин туттаран ыытта.
Абый улууһун Майыар национальнай нэһилиэгин баһылыга Иван Атласов Үп министиэристибэтин кытта үлэлэһиигэ кэккэ боппуруостары билиһиннэрдэ, ДЭС тутуутугар тутуу матырыйаалын тиэрдиигэ көмөлөһөрүгэр көрдөстө.
Гаврил Алексеев Арктическай кэллиэс салайааччыта Татьяна Хамаганованы кытта ыраах сытар улуустарга энергетиктэри бэлэмнээһиҥҥэ бииргэ үлэлээһин боппуруостарын дьүүллэстэ. Норуот дьокутаата “Якутскэнерго” тэрилтэтэ кэллиэс материальнай-тиэхиньиичэскэй баазатын тэрийиигэ уонна устудьуоннары бэлэмнээһиҥҥэ анал идэлээх исписэлиистэринэн көмөлөһүөх буолла.
Дьокуускай олохтооҕо Людмила Немыкина Дьокуускай куорат Петр Алексеев уулуссатын 16 №-гэр баар уопсай дьиэ 3-с мэндиэмэнигэр хостелга бэрээдэги тутуһуу туһунан боппуруоһу туруоруста. Үҥсүү чэрчитинэн норуот дьокутаата Гаврил Алексеев борокуратуураҕа тустаах сурук бэлэмниэҕэ.
Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын ийэтэ Наталья Федорова дьиэтэ гаас турбатыгар холбонор үлэтин түргэтэтэргэ көрдөстө. Бу боппуруоһунан дьокутаат «Сахатранснефтгаз» хампаанньаны кытта үлэлэһиэҕэ.
Ити курдук, норуот дьокутаата Гаврил Алексеев быыбардааччыларын бары боппуруостарын бэйэтин хонтуруолугар ылла.
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…