Бу күннэргэ Халыма-Индигиир уокуругуттан Ил Түмэн дьокутаата, «Якутскэнерго» ПАО салайааччыта Гаврил Алексеев быыбардааччыларын кытта быһа эпииринэн кэпсэттэ.
— Халыма-Индигиир уокуруга уустук суоллаах-иистээх, тыйыс килиимэттээх усулуобуйалаах улуустары хабар. Ол иһин сүрүн сибээспит — суотабай төлөпүөн. Быыбардааччыларым көхтөөх кыттыыны ылбыттарыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын.
83 саастаах Абый улууһун Белай Гора бөһүөлэгин олохтооҕо Римма Банщикова Таҥара дьиэтин өрөмүөннүүргэ көрдөһөн тахса сырытта. Командировкаҕа барар кэммэр Таҥара дьиэтин хайаан да көрөн, олохтоохтору кытта көрсүһэн кэлиэм, туох үлэни ыытары көрүөм, былаанныам. Онно кэллиэгэлэрим — «Сахаэнерго» Белогорскайдааҕы филиалын үлэһиттэрэ хайаан да көмөлөһөллөрүгэр эрэллээхпин. Римма Александровна, төһө да сааһырдар, биир дойдулаахтарын тирээн туран боппуростарын быһаарсарын хайгыы ылынным.
Үөһээ Халыма Зырянкатыттан сибээскэ Николай Аянитов тахса сырытта. Кини интэриниэт хаачыстыбата мөлтөҕүн туруоруста. 12 млрд солкуобай сыаналаах «Синергия Арктики» суолталаах бырайыак чэрчитинэн 80 ыраах нэһилиэнньэлээх пууҥҥа ВОЛС лииньийэтин тардыахтаахтар. Онон былаан быһыытынан түргэн интэриниэт Зырянкаҕа 2025 сыллаахха кэлиэҕэ. Николай Аянитов бүддьүөт тэрилтэлэригэр интэриниэт сибээскэ субсидия көрүллэригэр этии киллэрдэ.
Ити курдук быыбардааччыларбын кытта куйаар ситиминэн улуустарынан арааран өссө да сибээстэһэ турар былааннаахпын. Биллэн турар, командировкам чэрчитинэн бардахпына, хайаан да сирэй көрсүһүөм, — диэн санаатын үллэһиннэ Ил Түмэн дьокутаата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: