Ил Түмэн дьокутааттара сийиэс дэлэгээттэрин кытта көрүстүлэр
Ил Түмэн дьокутааттара саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһин дэлэгээттэрин кытта улахан мунньахтыыр саалаҕа олорон, икки чаас устата саха тылын тула үөскээбит тирээн турар кыһалҕалар тула ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев түөрт боппуруоска тохтоон ааста. Ол курдук, бастакытынан, Ил Дархан өйөбүлүнэн тыл сайдыытыгар 100 мөл. солк үп көрүллэр буолбутун, бу чопчу хайысхаларынан тыырылларын эттэ. Иккиһинэн, ФГОС-ка уларыйыылар киирбиттэрин, онно нуучча тыла судаарыстыбаннай тыл буоларын быһыытынан, хайаан даҕаны сайдыахтаах уонна баар буолуохтаах, ону тэҥэ, иккис судаарыстыбаннай тыллар тэҥҥэ туттуллан толору үөрэтиллэллэригэр кыах бэрилиннэ диэн иһитиннэрдэ.
“Үсүһүнэн, биһиги сокуоннары нууччалыы тылынан ылынабыт уонна кэнниттэн сахалыы тылбаастыыбыт. Кистэл буолбатах, хойутаан тахсаллар. Биһиги чуолаан Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин үөрэтэн көрдүбүт. Сокуону ылыналларыгар уонна уураахтары ылалларыгар кэнниттэн буолбакка, икки судаарыстыбаннай тылынан тэҥҥэ ылаллар. Бу уопуту бэйэбит өрөспүүбүлүкэбитигэр киллэриэҕиҥ, сайыннарыаҕыҥ диэн Конституционнай Сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэн турабыт. Ил Дархан биһиги этиибитин өйөөбүтэ. Ил Түмэҥҥэ балачча дьүүллэһэн баран куоластаабыттара. Ол түмүгэр 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Ил Түмэҥҥэ туох баар көрүллэр сокуоннар барыта икки тылынан киириэхтээхтэр (нууччалыы, сахалыы). Икки тылынан киирбит эрэ сокуоннар мантан инньэ Ил Түмэҥҥэ көрүүгэ ылыллаллар.
Үөрэтэн көрбүппүт, миэстэтигэр – нэһилиэктэрбитигэр, улуустарбытыгар дьаһаллар, уураахтар, боротокуоллар бүтэһигин сахалыы 1994 сыллаахха бэчээттэммиттэр. Ол кэнниттэн компьютеризация, Word бырагыраама киирэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дьыала-куолу толоруллуута барыта нууччалыы тылынан барар буолбут.
Төрдүһүнэн, Ил Түмэн тыл сайдыытыгар туох мэһэйдэр баалларын үөрэттэ, учууталлары кытта кэпсэттибит. Аҕыйах сыллааҕыта саха оскуолатыгар 10-20 % сахалыы тылынан саҥарбат оҕолор кэлэр эбит буоллахтарына, билигин чуолаан, Дьокуускай куоракка, 40-ча бырыһыана, сорох сирдэргэ аҥаардара сахалыы саҥарбаттарын этэллэр”, — диэн ыйар. Бу оҕолору барыларын биир кылааска үөрэтэллэрин, биир мэтиэдикэлээхтэрин, 1990-с сылларга оҥоһуллубут мэтиэдикэҕэ олоҕуран, кыратык уларыйыы киирэн онон үөрэтэ сылдьалларын этэр. Манан дьарыктаныахтаах институппут федеральнай киин бас билиитигэр барбытын санатта. Туһааннаах үлэни ыытыы түмүгэр, олохтоох Академия иһинэн, эбии исписэлиистэри ылбакка, баар үлэһиттэринэн киин тэриллибит.
Көрсүһүүнү Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Жирков салайан ыытта. Тыл сэбиэтин мунньаҕа ыытыллыбытын, Ил Дархан өрөспүүбүлүкэҕэ тылы харааннааһын, үөрэтии уонна сайыннарыы бырагырааматыгар 100 мөл. солк. сууманы көрөргө сорудахтаабытын санатта. Онон сийиэс саҕаламмыт күнүттэн хайыы-үйэ ситиһиилээх курдукпут диэн бэлиэтээтэ. “Бастакы сийиэс 2017 сыллаахха тэриллибитэ. Аны биэс сылынан иккис сийиэһи ыытыахпыт диэн уураах ылыллыбыта. Ону толордубут. Салгыы хайдах болдьоҕунан барарбыт туһунан сарсын кэпсэтиэхпит. Сүбэлэһэн баран быһаарыы таһаарыахпыт”, — диэн эттэ.
Тыл этиэхтээх, эрдэттэн суруппут учууталлар санааларын тиэртилэр. Ол курдук, Хаҥалас улууһун “Туллукчаан” уһуйаан иитээччитэ Екатерина Леонтьева хас биирдии уһуйаан дьиэ кэргэни кытта үлэлиир тосхолу ылыныахтааҕын, “Эркээйи эргиирэ” бырагырааманы утумнаахтык киллэриэххэ, чуолаан киин куоракка саха тылынан иитэр, үөрэтэр уһуйааннары, оскуолалары элбэтиэххэ, аныгы технологияттан хаалсыбакка оҕону сахалыы иитэргэ сорук туруорунуохха, чөмчүүк саастаах оҕолорго аналлаах сахалыы биэриилэри элбэтиэххэ диэн туруорсар.
С.К.Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Фекла Болдовская: “Федеральнай судаарыстыбаннай үөрэхтээһин иккис ыстандаартыгар киирэн олоробут. Федеральнай үөрэхтээһин өттүттэн төрөөбүт тылы, литэрэтиирэни, төрүт култуураны үөрэтии чааһа сарбылла турар. Холобур, саха кылааһыгар ааҕыы уруогар (букубаар) 1 чаас, онтон уопсай үөрэхтээһиҥҥэ урут 6 чаас буоллаҕына, билигин 4 чаас (саха тылын үөрэтиигэ 3 чаас, төрөөбүт литэрэтиирэҕэ 1 чаас) хаалла.
Оскуолаларга күһүҥҥүттэн саҕалаан Бүтүн Арассыыйатааҕы бэрэбиэркэлиир үлэлэр, биир кэлим эксээмэни боруобалыыр тургутуктар нуучча тылынан ыытыллан, оҕо, учуутал, төрөппүт онно төбөтүн оройунан түһэр. Маннык усулуобуйаҕа төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ, төрүт култуура биридимиэттэрэ үтүрүллэллэр, суолталара намтыыр. Олохтоох омуктар тыллара үрдүүрүгэр, онно тылбытын сүрүннүүр тыл института, оттон үөрэх министиэристибэтигэр төрөөбүт тыл, литэрэтиирэ, төрүт култуура учууталларын сүрүннүүр исписэлиис баара ордук этэ.
СӨ иһигэр баар үрдүк үөрэхтэргэ киириигэ саха тылыгар, литэрэтиирэтигэр биир кэлим эксээмэни (ЕГЭ) туттарбыт оҕоҕо баал эбиллэрин ситиһиэххэ. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ кыаллыан сөп. СӨ салайар уорганнарыгар, тэрилтэлэригэр үлэҕэ ылыыга икки тылы көҥүл баһылаабыт исписэлиистэри бастакынан ылары хааччыйыы олус да үчүгэй буолуо этэ”, — диэн кэккэ этиилэри киллэрбититтэн сүрүннэрин ааттаталыахха сөп.
Дьокуускай куораттааҕы “Айыы Кыһата” гимназия саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Рустам Каженкин төрөөбүт тылынан үөрэтиини 100 сыл анараа өттүгэр саҕалаабыппыт, өрөспүүбүлүкэбит тылын туһунан сокуон 1992 сыллаахха ылыллыбытын, ол кэнниттэн 15 улахан уларытыыны ааспытын санатта, ол тухары уларытыы сүнньэ биир – федеральнай сокуоннарга уонна балаһыанньаларга сөп түбэһиннэрии диэн ыйда.
“Билиҥҥи үөрэх кинигэтин оҕоҕо буолбакка, судаарыстыбаҕа анаан оҥорор курдукпут. Мин санаабар, эрэгийиэн үөрэх кинигэтин ис хоһоонугар быһаччы орооһуута күүһүрүөхтээх. Ол билигин федеральнай ирдэбил быһыытынан, уопсастыбаннай экспэртиисэ диэн өйдөбүлүнэн да барыан сөп этэ. Мантан сиэттэрэн оскуолаҕа эрэгийиэн суолталаах биридимиэттэр кэбиниэтин, ол иһигэр саха тылын уонна литэрэтиирэтин кэбиниэттэрин өрөспүүбүлүкэ кэмиттэн кэмигэр хааччыйан иһиэхтээх диэн “Үөрэх туһунан” бэйэбит сокуоммутугар киирэрэ оруннаах дии саныыбын”, — диэн санаатын тиэртэ.
Ону тэҥэ, суруйааччы, учуутал “Эркээйи эргиирин” хат бэчээттээн киэҥник тарҕатар ирдэнэрин эттэ. Итиэннэ “Пушкинскай каартаны” тыа сирин оҕолоро туһамматтарын ыйда, онон бу каартанан тыйаатыры, түмэли, киинэни таһынан, олохтоох оҕо хаһыатыгар, сурунаалларыгар сурутар кыаҕы биэрэрин, олохтоох кинигэ кыһалара оҥорон таһаарар кинигэлэрин атыылаһыыга тарҕанар гына оҥоруохха диэн этии киллэрдэ.
“Сахат” оскуоланы, “Күнтэгил” уһуйааны тэрийээччи Анатолий Бурнашев эбэ, эһэ холобурун хото туһаммакка сылдьабыт диэн бэлиэтээтэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениетын начаалынньыга Спиридон Борбуев чопчу саха тылын чааһыгар тохтоото.
Ити курдук, көрсүһүүгэ учууталлар санааларын этэн тарҕастылар, аны салгыы сийиэс резолюциятыгар кыбытыллан, олоххо киирэрин кэтэһэллэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: