Ил Түмэн эһиилги былаанын бигэргэттэ
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) 41-с уочараттаах пленарнай мунньаҕар кэлэр 2023 сыллааҕы сааскы сиэссийэтин үлэтин бырагырааматын бигэргэттэ.
Парламен сис кэмитиэттэринэн оҥоһуллубут бырагыраамаҕа 32 сокуон барыла, ол иһигэр 4 Ил Түмэн уурааҕа көрүллэрэ былааннанар.
Ил Түмэҥҥэ көрүллүөхтээх былааннаммыттан 11 сокуон барыла сокуон быраабын көҕүлээһинин быһыытынан норуот дьокутааттарыттан, 3-һэ Өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын көҕүлээһининэн, 14-дэ СӨ Бырабыыталыстыбатыттан киириэхтэрэ.
Ону таһынан 41 тэрээһин ыытыллара былааннаммыт, ол иһигэр Ил Түмэн 3 пленарнай мунньаҕа, 1 аһаҕас истии «2022 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр судаарыстыбаннай бүддьүөт туолуутун отчуотун туһунан» сокуон бырайыагын туһунан», 4 парламенскай истии, 13 Бырабыыталыстыба чааһа, 9 төгүрүк остуол, ону таһынан СӨ Судаарстыбаннай Мунньаҕын иһинэн Саха сирин төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын бэрэстэбиитэллэрин дьокутааттарын ассамблеятын мунньаҕа.
Итини тэҥэ СӨ сис кэмитиэттэрин араас мунньахтара уонна тэрээһиннэрэ регламеҥҥа сөп түбэһиннэрэн былааннаммыттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: