Ил Түмэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр босхо юридическай көмө туһунан» сокуоҥҥа уларытыылары көрдө
Норуот дьокутааттара Афанасий Владимиров, Александр Подголов уонна Алена Атласова көҕүлээһиннэринэн, Ил Түмэҥҥэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр босхо юридическай көмө туһунан» сокуон 5 уонна 8 ыстатыйаларыгар уларытыылары киллэрии туһунан сокуон бырайыага киирдэ.
Бу сокуон барыла Ил Түмэн Тутууга уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэт киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар, Саха сирин парламенын вице-спикерэ Афанасий Владимиров салайыытынан көрүлүннэ.
2023 с. бэс ыйын 13 күнүнээҕи 225-с №-дээх «Арассыыйа Федерациятыгар босхо юридическай көмө туһунан» федеральнай сокуон 20-с ыстатыйатыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» сокуоҥҥа босхо юридическай көмөнү ылар бырааптаах гражданнар категориялара чуолкайданна уонна маннык көмөнү ханнык түгэҥҥэ оҥоруу быһаарылынна.
Федеральнай сокуонунан, чуолаан, босхо юридическай көмөнү ылар бырааптаах гражданнар категорияларыгар байыаннай сулууспалаахтар, Росгвардия үлэһиттэрэ, мобилизацияламмыт дьон, Украинаҕа, Донецкай народнай Өрөспүүбүлүкэҕэ, Луганскай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэҕэ, Запорожскай уонна Херсонскай уобаластарга бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар дьон, эбэтэр Арассыыйа Федерациятын сиригэр-уотугар уонна субъектарын судаарыстыбаннай кыраныыссатыгар уонна Украина территориятыгар анал байыаннай дьайыыны ыытыы оройуоннарыгар, ДНӨ, ЛНӨ, Запорожскай уобалас уонна Херсонскай уобалас территорияларыгар тирээн турар суолталаах байыаннай балаһыанньа кэмигэр бу территорияларга үлэлии сылдьар быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ киирсэллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр босхо юридическай көмө туһунан» сокуон 8-с ыстатыйатыгар федеральнай сокуон быһыытынан олохтоммут гражданнар категорияларын уонна гражданнар категорияларын кэҥэтэр быраабынан эрэгийиэннэр сокуон олоххо киллэрэр бырааптарын чэрчитинэн эбии гражданнар категорияларын испииһэгэ оҥоһулунна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: