Чурапчы оройуонун Хадаар сэлиэнньэтигэр Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев Анна Дмитриевна уонна Афанасий Николаевич Мордускиннарга сырытта. Кинилэр уоллара Николай Афанасьевич байыаннай дьайыы зонатыгар сылдьар диэн, Ил Түмэн пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Мордускиннар алта оҕолоохтор: түөрт уоллаахтар уонна икки кыыстаахтар. Кинилэртэн биэс оҕо бэйэлэрэ ыал дьон. Николай Афанасьевич — иккис оҕо. Кини эмиэ туспа олорбута ыраатта.
Мордускиннар Ил Түмэн спикеригэр олохторун-дьаһахтарын туһунан кэпсээтилэр. Ыал аҕа баһылыга Афанасий Николаевич — суоппар, Анна Дмитриевна — биэнсийэлээх. Кэтэх хаһаайыстыбаларыгар 16 ынахтаахтар, үрүҥ илгэни туттаран, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн уонна оройуонтан төлөбүр ылаллар.
Алексей Еремеев Саха сирин баһылыгын ыйааҕынан быстах хомуурга сылдьар дьон дьиэ кэргэнэ ылар 200 тыһыынча солкуобайын ылыы олоххо киириитин хонтуруоллаата. Николай дьиэ кэргэнэ бу үбү сэтинньи 7 күнүгэр ылбыт. Муниципалитет нөҥүө атын төлөбүрдэр эмиэ бааллара.
Санаттахха, бу ыйааҕы Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев бу сыл балаҕан ыйыгар илии баттаабыта. Ыйаах тиэксигэр олоҕуран, 200 тыһыынча солкуобай биир кэмнээх төлөбүрү таһынан өйөбүл кэккэ миэрэлэрэ көрүллэр. Чуолаан, уһуйаан төлөбүрүттэн босхолоноллор. Үөрэх тэрилтэлэригэр байыастар оҕолоро босхо аһыахтаахтар. Устудьуоннарга үрдэтиллибит истипиэндьийэ көрүллүөхтээх. Төрөппүттэрэ санаторийга, куруорка сынньаныахтаахтар.
Нерюнгри оройуонугар буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар эрдэттэн тиийээри, от ыйын 2 күнүгэр хайы-үйэ массыыналар субустулар. Хайдах…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн Дьокуускай куораттан Аллараа Бэстээххэ паромунан айаннаан иһэр пассажирдар Өлүөнэ өрүскэ сэлээркэ тохтон…
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …