Ил Түмэҥҥэ Афганистан сэриитэ түмүктэммитэ 35 сылын бэлиэтээтилэр

Share

Бүгүн, олунньу 15 күнүгэр, Афганистан  сэриитэ түмүктэммитэ 35 сылын туолла. Афганистан сэриитэ 1979  сылтан саҕаланан 1989 сыллаахха түмүктэммитэ.

Бу күн Дьокуускайга Афганистаҥҥа сэриилэспит буойуоттары чиэстээн миитин ыытылынна, оттон Ил Түмэҥҥэ Саха сиригэр эйэлээх кэмҥэ Ийэ дойду көмүскэлигэр сэриигэ сылдьан олохторун толук уурбут интернационалист-буойуннары кэриэстээн мунньах буолла.

Тэрээһини Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриоттуу иитии уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов иилээн-саҕалаан ыытта. Кини  бу  өйдөбүнньүк күн улахан суолталааҕын кэпсээтэ.

— Бүгүн норуокка умнуллубат өйдөбүнньүк күн. 10 сыл устата, 1979-1989 сс., ССРС Афганистаҥҥа сэриилэспитэ. 15 тыһыынча кэриҥэ саллаат уонна офицер дойду араас эрэгийиэннэриттэн өлбүтэ, 51 тыһыынча байыаннай сулууспалаах бааһырбыта уонна инбэлиит буолбута. Оттон Саха сириттэн Афганистан сэриитигэр 1000 кэриҥэ саха буойуннара кыттыбыттара, мантан 20-тэ араас эчэйиини ылбыттара, 14 киһи инбэлиит буолбуттара. 10 саллаат бу сэриигэ олохторун толук уурбуттара. Билиҥҥи туругунан Саха сирин байыаннай комиссариатын дааннайынан, Афганистан сэриитин кыттыылаахтарын 437 бэтэрээнэ баара биллэр, ол иһигэр 37-тэ офицердар, — диэн эттэ Александр Подголов.

Хаартыска: Василий Прокопьев
Хаартыска: Василий Прокопьев

Афганистан сэриитин толоонугар олохторун толук уурбуттары кэриэстээн  биир мүнүүтэ  чуумпуран турдулар. Мунньахха бойобуой дьайыы кыттыылааҕа, Афганистан сэриитин бэтэрээнэ,  Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фронун Саха сиринээҕи  салайааччыта Владимир Путин итэҕэллээҕэ Валерий Лютай, Саха сирин сэрии, үлэ, Сэбилэниилээх күүстэрин уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнарын  бэтэрээннэрин бэрэссэдээтэлэ  Вильям Иванов,  ис дьыала уорганнарын бэтэрээннэрин сойууһун салайааччыта Эдуард Федоров, норуот дьокутааттара, судаарыстыбаннай былаас уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, кадетскай интэринээт-оскуола уонна уу тырааныспарын  институтун  курсаннара, ону сэргэ «Кыайыы волонтердара» ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин чилиэннэрэ  кытыннылар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи сэрии уонна үлэ бэтэрээннэрин сэбиэтин президиумун быһаарыытынан Афганистан  сэриитэ түмүктэммитэ 35 сылынан өйдөбүнньүк мэтээлинэн интернационалист-буойун, бойобуой дьайыы кыттыылааҕа Валерий Серов наҕаарадаланна. Ону кытта Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин Бочуоттаах грамоталарын Юрий Бережнев, Анатолий Назин, Олег Шебин, Николай Гребенников, байыаннай сулууспалаахтар, бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин дьыалаларыгар, патриоттуу иитии уонна уопсастыбаннай түмсүүлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэт Махтал суруктарын Ярослав Кобаль, Юрий Бережнев ыллылар. Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан Махтал суругу  уонна саха быһаҕын  байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Юрий Машуков тутта. «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ» аат Борис Алексеевка  иҥэрилиннэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин аатыттан Махтал суруктарынан Марта Ядрихинская, Усементай Алексеев, оттон СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга министиэристибэтин Бочуотунай грамоталарынан Михаил Иванов, Дмитрий Галинскай уонна Иван Федоров бэлиэтэннилэр.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

21 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

51 минута ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

1 час ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Моҕой сыла, мичик гын!

Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Сүбэһит: Чэй күнүгэр кучу чэйи иһиҥ

Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…

4 часа ago