Салгыы
Ил Түмэҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэрии туһунан дьүүллэстилэр

Ил Түмэҥҥэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэрии туһунан дьүүллэстилэр

01.02.2024, 16:04
С.Львова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн, олунньу 1 күнүгэр, Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ көмө туһунан Ил Түмэҥҥэ Бырабыыталыстыбаннай чааска  дьүүллэстилэр.

Тэрээһини Ил Түмэн Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, патриотическай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов салайан ыытта.

Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччыта Наталья Черноусова байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чөлүгэр түһэрии туһунан кэпсээтэ.

«Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чөлүгэр түһэриигэ бырагыраама үлэлиир.  Бырагыраама сүрүн соругунан – сөптөөх социальнай-психологическай көмөнү оҥоруу уонна дьон уйулҕатын чөлүгэр түһэрии буолар. Маннык көмөнү 2022 с. 44 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ ылбыттара, оттон 2023 с. 629 киһиэхэ оҥоһулунна», — диэн Наталья Черноусова кэпсээтэ.

Оттон СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Дмитрий Сергин кинилэр өттүлэриттэн туох көмө оҥоһулларын кэпсээтэ.

«Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын төрөппүттэригэр чэпэчтиилээх санаторнай-куорортнай эмтэнии ыытыллар, уочарата суох мэдиссиинэ өҥөтө, босхо эминэн-томунан хааччыйыы оҥоһуллар. Ону таһынан министиэристибэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр социальнай өйбүл көмөтө тэрилиннэ.  Ол курдук байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи мэдиссиинэ тэритэлэринэн 2475 байыаннай дьайыы кыттыылааҕар уонна 2517 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэнигэр өҥө оҥоһулунна. Мэдиссиинэ өттүттэн чөлүгэр түһэрии 293 киһиэхэ, ол иһигэр «Бэс Чагда» санаторийга байыаннай дьайыы 96 кыттыылааҕа уонна 303 кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрэ доруобуйаларын чэбдигиртилэр», — диэтэ миниистири бастакы солбуйааччы.

Ыччат уонна социальнай коммуникация дьыалаларыгар миниистири бастакы солбуйааччы Надежда Мохначевская байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан 2024 сыл тохсунньу 16 күнүнээҕи туругунан барыта 23450 өҥө оҥоһуллубутун иһитиннэрдэ.

«Бастатан туран, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр уонна кинилэри кытары үлэлэһэр исписэлиистэргэ көмө оҥоһуллар. Холобур, ааспыт сылга байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар 7952, кинилэр дьиэ кэргэттэрин 5000 чилиэннэригэр психологическай көмө, оттон кинилэргэ ити өҥөнү оҥорооччу исписэлиистэргэ  консультация, семинар, консилиум быһыытынан 1409 өҥө оҥоһулунна», — диэтэ  Надежда Мохначевская.

Сүрүн дакылаатчыттар кэннилэриттэн, Ил Түмэн уонна улуустартан дьокутааттар, уопсастыбанньыктар, ыччаты кытары үлэлиир тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыһалҕалаах боппуруостарын этиннилэр. Үгүстүк байыаннай дьайыыттан төннөн кэлбит дьону орто анал үөрэхтэргэ үөрэтии, атын да хайысхаҕа бэлэмнэнии, хаттаан бэлэмнээһин, квалификацияларын үрдэтии бырагыраамаларын туруорустулар. Элбэх ыйытыы өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтигэр киирдэ. Эпэрээһийэҕэ уочарата суох ыытыы, протеһынан хааччыйыы, инбэлииккэ таһаарыы, уоппускаҕа кэлэн баран ыалдьыбыт байыаһы бэйэбит балыыһабытыгар эмтиир кыах тоҕо суоҕун, кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр көрүллэр мэдиссиинэ көмөтүн өҥөтүн оҥоруу, о.д.а. кыһалҕалар турдулар. Хомойуох иһин, тустаах тэрилтэлэр, исписэлиистэр онно киһини астыннарар хоруйу биэрбэтилэр, наар үксүн сокуоҥҥа сигэннилэр.

Норуот дьокутааттара Иван Данилов уонна Гаврил Парахин дьон, быыбардааччылар ыйытыыларыгар, кыһалҕаларыгар күттүөннээх хоруйу тустаах министиэристибэлэр салайааччылара кыайан эппэтэхтэрин, бары тус-туспа «эрдэ» сылдьалларын бэлиэтээтилэр.

Түмүккэ,  Ил Түмэн Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин, патриотическай иитии уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Подголов элбэх боппуруос быһаарыллыыны эрэйэр диэн эттэ.

«Бырабыыталыстыбаннай чаас буолан ааста, ол гынан баран түмүгү таһаарар билигин уустук, тоҕо диэтэххэ, биһиги сис кэмитиэт чилиэннэрин кытары өссө төгүл бу боппуруоһу дьүүллэһиэхпит. Олус элбэх ыйытыы, этии киирдэ. Чуолаан, мэдиссиинэ өҥөтүгэр кыһалҕалар, протеһы оҥотторуу, хараҕы коррекциялааһын курдук уустук ыйытыылар турдулар. Биһиги дьоммутугар көмөлөһүөх тустаахпыт. Өссө биир кыһалҕанан эйэлээх олоххо ыаллар гражданскай, ол аата эр-ойох буолбуттарын туһунан бигэргэтэр докумуона суох олордохторуна, эмискэ мобилизация саҕаланан соһуччу барбыттара, кыайан саахсаланар кыахтара билигин да суох. Билигин бу дьон гражданскай кэргэттэригэр көмө кыайан оҥоһуллубакка турар, сокуонунан көрүллүбэт. Маннык кыһалҕалаах боппуруостар олус элбэхтик иһилиннилэр», — диэн Александр Подголов  түмүктээтэ. Кини дьокутааттар дьон-сэргэ туһугар кыһаллалларын, кинилэр тустарыгар үлэлииллэрин бэлиэтиэххэ сөп, бу кыһалҕа барыта быһаарыллыа диэн эрэнэбин диэтэ.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: